Нерюнгрига сыҥаах-сирэй хирургиятын саҥа отделениета арыллыаҕа
Нерюнгри улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын устуоруйатыгар аан бастакынан, 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр сыҥаах-сирэй хирургиятын улуустар икки ардыларынааҕы отделениета арыллыаҕа. Киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай иһитиннэрбитинэн, маннык ситиһиигэ тиийэргэ балыыһа түөрт сыл устата дьаныардаахтык үлэлээтэ.
Саҥа отделениены тэрийэргэ, бастатан туран, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оҥоһуллубут Нерюнгри улууһугар доруобуйа харыстабылын сайдыытын стратегиятын чэрчитинэн “А” блогу өрөмүөннээһин ирдэниллибитэ. Саҥа отделение “А” блокка бэһис этээс аҥаарын ылыаҕа. Атын аҥаарыгар эпэрээссийэлиир блок баар.
Иккиһинэн, Оройуоннааҕы киин балыыһа мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн уонна балыыһа усулуобуйатыгар “сыҥаах-сирэй хирургията” уонна “травматология уонна ортопедия” көрүҥнэргэ анал көмөнү оҥорорго Гигиена уонна эпидемиология киинин эспиэртэрин үчүгэй түмүктэрин ситистэ.
Ол кэнниттэн балыыһа СӨ Роспотребнадзорын санитарияҕа-эпидемиологияҕа түмүктэрин уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көҥүлүн ылыы түһүмэхтэригэр киирдэ.
Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһата өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр исписэлиистэри Нерюнгрига аҕалан үлэлэтэргэ каадыры тыырыыга көдьүүстээх үлэни ыыппыта. Чуолаан Алексей Яворскай ыҥырыытынан биллэр-көстөр быраас Иван Владимировия Чалыев Нерюнгрига үлэлии кэллэ. сыҥаах-сирэй хирурдара, үрдүк категориялаах быраастар эмчит Николай Сергеевич Чураковы кытары балыыһа саҥа отделениетын сүрүн үлэһиттэринэн буолаллар.
Манна даҕатан эттэххэ, бу отделение өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс сыҥаах-сирэй отделениетынан буолар (улуус кииннэригэр – бастакы).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: