Нерюнгрига таас чох баайдаах сир аһылынна

Нерюнгрига өссө биир таас чох баайдаах сир үлэтин саҕалаата. Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Владивостоктан Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр Сыллаахтааҕы бырайыак үлэтин саҕалаабытын биллэрдэ. Бу бырайыагы “АнтрацитИнвестПроект” иилээн-саҕалаан ыытар. Манна 700 мөлүйүөнтэн тахса туонна таас чох баара биллэр. Карьертан сылга 6,5 мөлүйүөнтэн тахса туоннаны хостуур былааннаахтар. Бырайыакка барыта холбоон 20 млрд солкуобай инвестиция быһыытынан киириэхтээх,

Share

Нерюнгрига өссө биир таас чох баайдаах сир үлэтин саҕалаата. Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Владивостоктан Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр Сыллаахтааҕы бырайыак үлэтин саҕалаабытын биллэрдэ.

Бу бырайыагы “АнтрацитИнвестПроект” иилээн-саҕалаан ыытар. Манна 700 мөлүйүөнтэн тахса туонна таас чох баара биллэр. Карьертан сылга 6,5 мөлүйүөнтэн тахса туоннаны хостуур былааннаахтар. Бырайыакка барыта холбоон 20 млрд солкуобай инвестиция быһыытынан киириэхтээх, 1170 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.

Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу бырайыак өрөспүүбүлүни сайыннарарын таһынан, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка, Арассыыйаҕа биир улахан бырайыак буолуохтаах.

—  Илиҥҥи экономическай форум биһиги эрэгийиэммитигэр олус улахан суолталаах. Манна үгүс бырайыактарбыт сүрэхтэнэн олоххо киирбиттэрэ. Быйылгы форумҥа Сыллаахтааҕы таас чохтоох сири арыйдыбыт. Инникитин бу сир өрөспүүбүлүкэбит, ону ааһан Уһук Илин федеральнай уокурукка, Арассыыйаҕа эмиэ биир тутаах карьер буолуоҕа, — диэн иһитиннэрэр кини.

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илин, Арктика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Анатолий Бобраков, “АнтрацитИнвестПроект” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Петр Хаспеков кытыннылар.

Аграфена КУЗЬМИНА  

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago