Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
Нерюнгригэ оройуоннааҕы киин балыыһа түөрт эбийиэгин быйыл саҥардыахтаахтар. Маннык соругу Ил Дархан Айсен Николаев үлэтинэн тиийэ сылдьан туруорда.
Бу үлэлэр РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин бигэргэппит куорат агломерациятын маастар-былаанын олоххо киллэрии иитинэн ыытыллаллар.
«Мэдиссиинэ оҥорор өҥөтүн хаачыстыбатынан астыммат буолуу, Нерюнгри оройуонун биир сүрүн кыһалҕатынан өр кэмнэргэ буолбута. Биллэн турар, биир сүрүн биричиинэнэн, оройуоннааҕы киин балыыһа эбийиэктэрин туруга мөлтөөһүнэ, өссө ааспыт үйэ 80-с сылларыттан саҥардыллыбатахтара ыйыллар. Маны тэҥэ, аныгы тэрилинэн хааччыллыы уонна каадыр тиийбэтэ эмиэ сытыытык турар. Ону биһиги кэлимник быһаарабыт. Чуолаан, маастар-былааны олоххо киллэриинэн, Нерюнгри доруобуйаҕа харыстабыла атын таһымҥа тахсыахтаах«, — диэн этэр Ил Дархан.
Бүгүҥҥү күн туругунан дьахталлар доруобуйаларын көрөр эбийиэккэ саҥардан оҥоруу түмүктэнэн эрэр. Эбийиэги кулун тутарга туттарар былааннаахтар. Түннүктэрэ туруоруллубуттар, кырыыһата оҥоһуллубут, истиэнэлэрэ туруоруллубуттар, о.д.а. үлэлэр ыытыллыбыттар. Маны таһынан, сирэ-уота аспаалламмыт. Аны, сибээс ситимин үлэтэ, кырааскалааһын, истиэнэлэри тупсарыы, хаалбыттар.
Атырдьах ыйыгар «А» эмтиир блок дьиэтэ өрөмүөннэнэн туттарыллыахтаах. Иһитиннэрбиттэринэн, манна аныгы рентген-аппарааттаах, МРТ хостоох буолуохтаах. Сыл бүтүүтэ, ахсынньыга, КВД уонна акушер куорпуһа үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр. Маны таһынан, быйыл өссө «В» эмтиир блокка үлэ эмиэ түмүктэниэ дииллэр. Онтон аныгыскы сылга эбийиэк мэдиссиинэ саҥа тэрилинэн хааччыллыаҕын этэллэр.
Санатар буоллахха, бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев мунньахха Нерюнгри маастар-былаана олоххо киириитин бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл оройуоннааҕы киин балыыһа 4 эбийиэгин таһынан, өссө култуура пааркатын тупсаран оҥоруу түмүктэниэҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, 2026 сыл бүтүөр диэри оройуоннааҕы киин балыыһа бары эбийиэктэрэ саҥардыллаллара былааннанар. Бу тэрээһин үлэлэр «Нерюнгри оройуонун 2026 сылга диэри сайыннарыы» Ил Дархан ыйааҕар киллэриллэн тураллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, 13:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев "Саха" ГТРК "Прямой разговор"…
Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһиитин бастакы күнэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Бу күрэхтэһиигэ бэҕэһээ…
Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп. Российскай Федерация…
Аҕам саастаах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон бородуукта атыылаһаллара, бырааска көрдөрө бараллара кыаллымыан сөп. Дьиэҕэ-уокка уонна…
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Боотур" иһинэн тэриллибит "БАРС-2" этэрээт байыастара бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, дрону…
Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаары кытта ардах түһэрэ күүтүллэр…