Нерюнгригэ оҕо былаһааккатыгар иирсээн буолла

Share

Бэҕэһээ, алтынньы 9 күнүгэр, социальнай ситимҥэ Sakhapress сайт суруйарынан Нерюнгригэ оҕо оонньуур былаһааккатыгар дьахтар эрдэҕэс саастаах уолу сонун саҕатыттан тардар видеота тарҕанна.

Ити кэмҥэ иккис уол табаарыһын көмүскэһэн дьахтарга хаһыытыыр. Былаһаакка иһэ толору оҕо. Хайа эрэ эр киһи дьахтары буойар саҥата иһиллэр. nerulife.ru сайтка суруллубутунан, айдааны күөртээччинэн эрдэҕэс саастаах уол буолбут. Кини оҕотун кытта күүлэйдии сылдьар ийэҕэ сутуругунан түспүт уонна быдьар тылынан үөхпүт. Уол төрөппүттэрэ суох сылдьыбыт. Онон дьахтар оҕотун уонна бэйэтин көмүскэнэригэр тиийбит диэн суруллубут. Билигин бу айдааннаах быһылаанынан Нерюнгри силиэдэбэтэллэрэ бэрэбиэркэ ыыта сылдьаллар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн быһаарыы ылыллыаҕа диэн СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Тустуук Лев Павлов аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Лев Павлов көҥүл тустууга юниордар истэригэр аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кини…

12 минут ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: ардах, хаар, тоҥоруу

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу, хотугулуу-илин, күнүс арҕаа улуустарыгар сорох сиринэн ардах,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

Бүгүн НТВ ханаал  “Чудо” биэриитигэр Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, эдэр орнитолог, 11 саастаах…

11 часов ago
  • Сонуннар

Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа киэҥ нэлэмэн, үрдүк үүнүүнү биэрэр бааһыната талах…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

Оҕо барахсан хайа да кэмҥэ арахсыспат аргыһа – оонньуур буоллаҕа. Онон “Наука 0+” билим бэстибээлин…

14 часов ago
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ититии сезона балаҕан ыйын 9 күнүттэн саҕаланыаҕа

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ититии сезона саҕаланан эрэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн,…

14 часов ago