Нерюнгригэ саҥа аэропорт тутулунна
Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр «Нерюнгри» аэропорт саҥа дьиэтэ тутуллан киирдэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев уонна Салгын тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын аэропортарга управлениетын начаалынньыга Александр Аверкиев кытыннылар.
Бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайак чэрчитинэн, Росавиация сакааһынан, «СтройДорСервис» хампаанньа туппут. Тутуу сыаната — 9,8 миллиард солкуобай.
Эргэ аэровокзал 100 киһиэхэ анаммыт, 1987 сыллаахха тутуллубут этэ. Билигин саҥа вокзал күҥҥэ 300 киһини көтүтэр кыахтаах, аныгы аэропорт ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир систиэмэлэрдээх. Ханнык баҕарар салгын аала кэлэн түһэр кыахтаах.
Дьиэ уопсай иэнэ — 9 тыһ.кв.м., 2 этээстээх, остолобуойдаах, ийэ-оҕо хоһо, пассажирдар күүтэр саалалара, таһаҕас уурар камера, о.д.а. барыта баар. Ону тэҥэ, тэлгэһэтигэр саахалга быыһыыр ыстаансыйа, уматык ыскылаата, хонтуруоллуур-аһардар пуун, о.д.а. баар.
Икки сыллааҕыта Нерюнгри аэропордугар көтөр-түһэр балаһа өрөмүөннэммитэ. 3,6 тыһыынча миэтэрэ уһуннаах, 45 миэтэрэ кэтиттээх балаһа улахан да сөмөлүөттэри түһэрэр-көтүтэр кыахтаммыта.
Нерюнгри аэропорда Чульман бөһүөлэгиттэн 8 килэмиэтирдээх сиргэ баар. Туймаадаҕа хойуу туман түстэҕинэ, Дьокуускай аэропордун саппаас аэродрома буолар. Мантан Арассыыйа киинигэр сөмөлүөттэр быһа көтөллөр.
Бу национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ 14 аэропорда саҥардыллыаҕа. Үөһээ Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ, Сангаарга, Үрүҥ Хайаҕа, Депутатскайга, Дьокуускайга, Черскэйгэ саҥардыллыбыттара. Сотору кэминэн Усть-Ньара, Полярнай, Өлүөхүмэ, Мииринэй аэропортара саҥардыллыахтара.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: