Салгыы
Нерюнгритааҕы ГРЭС гаастааһынын 2028 сылга бүтэрэргэ былаанныыллар

Нерюнгритааҕы ГРЭС гаастааһынын 2028 сылга бүтэрэргэ былаанныыллар

14.09.2024, 11:29
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Нерюнгритааҕы ГРЭС энергоблоктарын айылҕа гааһыгар көһөрөргө сорудахтаабыта. Эбийиэк гааска наадыйыыта 2030 с. сылга 2 млрд кубомиэтиргэ тиийэр.

Билигин РФ Энергетикаҕа министиэристибэтэ «Газпром» ПАУо-ну кытта Отраднинскайдааҕы гаас конденсаттаах баайдаах сир төһө гаастааҕын учуоттуур боппуруоһу 2028 сылга диэри Нерюнгритааҕы ГРЭС гаастааҕы уонна Алданнааҕы бырамыысыланнас кластерын кэскиллээх туһанааччыларын хааччыйыыга анаан сөбүлэһиннэрэр.

Холбооһуну Ленскэй оройуонугар Отраднинскайдааҕы гаас конденсата баайдаах сиртэн «Сила Сибири» гаас утаҕар холбуур былааннаахтар.

Нерюнгритааҕы ГРЭС Саха сирин энергетическай киининэн буолар, Нерюнгри куоратын уонна Серебряный Бор бөһүөлэги хааччыйар , Илиҥҥи Холбоһуктаах энергоситим иһигэр киирсэр. Сылга 3 млрд кВтч уоту оҥорон таһаарар. Ыстаансыйаҕа сылга 1,7 мөл туонна таас чоҕу туһаныллар.

Тимир суоллар Илиҥҥи полигоннарын сайыннарыыга иккис түһүмэҕин уотунан хааччыйыыга Нерюнгрига ГРЭС-и уопсайа 450 МВт кыамталаах 2 саҥа блогу туруорар туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Тустаах эбийиэги саҥардыы Саха сирин соҕуруу өттүгэр бырамыысыланнас инвестиционнай эбийиэктэрин олоххо киллэриини кытта сибээстээх.

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Нерюнгритааҕы ГРЭС гаастааһын стратегическай суолталааҕын бэлиэтээбитэ, модернизация энергияны оҥоруу ороскуотун аччатыаҕа, уотунан хааччыйыыны бигэ оҥоруоҕа, экологияны тупсарыаҕа диэбитэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: