Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.
Алтынньы 29 күнүгэр Кэбээйи улууһун Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум» диэн тэрээһин ыытылынна.
«Тускул» сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ хомсомуол устуоруйатын сырдаттылар, презентация көрдөрдүлэр. Бибилэтиэкэр Туйаара Ноговицына «Өркөн өй» оонньууну хамаандалар икки ардыларыгар ыытта. Үс хамаанда кыттан, күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык барда. Бэтэрээннэрбит Мария Иннокентьевна Дмитриева, Дария Константиновна Кондакова бары тэрээһиннэргэ куруутун көхтөөхтүк кытталлар, бу да сырыыга хомсомуол тиэмэтигэр үөрэн-көтөн туран кытыннылар. Күрэхтэһии кыайыылаахтара өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.
Сэбиэскэй кэмҥэ үгүс көлүөнэ ыччакка комсомол путевката – олоххо тирэх буолбута, эрэли үөскэппитэ. Ааспыт кэм ахтылҕана суолдьут буолан, сүрэхпитин сылаанньытар. Эдэр сааспыт үтүө кэмнэрэ сүргэбитин көтөҕөр. Эдэрдии эрчиммитин ыһыктыбакка олох инники күөнүгэр буолуоҕуҥ. Инникитин олоххо тапталбыт, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыыбыт үүнэр ыччакка үтүө холобур буола туруохтун. Үүнүү, сайдыы аартыга арыллан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыаҕыҥ”, — диэн үөлээннээхтэригэр үтүө тылын тиэрдэр “Тускул” сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: