Нижнеянскай бөһүөлэгэр баһаар содулун туораталлар

Нижнеянскай бөһүөлэгэр баһаар содулун туораталлар

Ааптар:
26.01.2025, 13:58
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

СӨ Гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков бэрэссэдээтэллээх суһал мунньахха Усуйаана оройуонун Нижнеянскай бөһүөлэгэр баһаар содулун туоратарга суһал быһаарыылары ылыннылар.

«Теплоэнергосервис» АУо тэрилтэ дьиэтэ умайа турарын туһунан иһитиннэрии тохсунньу 26 күнүгэр түүн 04:24 чааска Депутатскай бөһүөлэгин баһаарынай чааһыгар киирбит. Мас дьиэ — икки этээстээх тутуу, манна алта тэрилтэ үлэлиир. Баһаар тахсыбыт төрүөтэ, буруйдаах, хоромньу быһаарыллар. Быһыылан кэмигэр өлбүт уонна эмсэҕэлээбит дьон суох.

Бастатан туран, үөрэҕи тэрийии боппуруоһа быһаарыллар, улахан тыалтан баһаар уота оскуола  таас дьиэтин таарыйбыт. Бөһүөлэккэ 8 оҕо үөрэнэр, ону тэҥэ оскуола иннинээҕи саастаах 4 оҕо олорор.

«Үөрэнээччилэри уонна оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин култуура дьиэтин кураанах дьиэтигэр быстах кэмҥэ көһөрөргө быһаарыы ылылынна. Онно сөптөөх сылытыы үлэтэ ыытыллыахтаах, наадалаах оборудование туруоруллуохтаах», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.

Хаачыстыбалаах интэриниэт суоҕуттан ыраах олорон үөрэтии ньымата кыаллыбат, онон оскуола оҕолоро тус кыраапыгынан үөрэниэхтэрэ.

Усуйаана оройуонун баһылыга Валерий Сидориҥҥа наадалаах оборудованиеҕа уонна матырыйаалларга сайаапка бэлэмнииргэ сорудахтанна. Оттон ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтигэр уонна Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Нижнеянскайга наадалаах матырыйааллары тиэрдиигэ көмө оҥорууга сорудахтанна, Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр — үөрэҕи тэрийэн ыытыыга улахан көмөнү оҥорорго этилиннэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: