Горнай улууһугар баһаар сезона саҕаланыаҕыттан 22 ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэммитэ.
Бүгүҥҥү туругунан 4 баһаар баара биллэр. Бэҕэһээ Одуну уонна бүгүн Кировскай нэһилиэктэригэр баар баһаардар умуруоруллубуттара. Биир баһаар бүгүн бохсулунна.
Бу киэһэ ойуур баһаарын балаһыанньатын туһунан Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев маннык кэпсээтэ:
— Бүгүҥҥү туругунан Горнай улууһугар 4800 гектар иэннээх сиргэ 4 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэн турар. Бу баһаардар Кировскай, Мытаах, Маалтааны, Маҕаны нэһилэктэригэр бааллар. Биһиги улууспутугар бэҕэһээ уонна иллэрээ күн зондировщик сөмөлүөт үчүгэйдик үлэлээн ардахтар дохсуннук түстүлэр. Бу ардах баһаар баар сирин бүтүннүү тапта, онон бэҕэһээ уонна бүгүн икки баһаар умулунна. Итини таһынан биир баһаарбыт бохсулунна. Этэҥҥэ буоллаҕына, бу күннэргэ хаалбыт баһаардары барыларын бохсуохпут дии саныыбын. Уопсайа 153 киһи уонна 28 тиэхиньикэ баһаары умуруорууга үлэлиир. Манна Чурапчы, Амма, Таатта улуустарыттан, Дьокуускай куораттан ойуур баһаарын утары охсуһар байыастар кэлэн үлэлии сылдьаллар. Ону тэҥэ Нам улууһун олохтоохторо уонна Дьокуускай куораттан култуура тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, улуус атын нэһилиэктэриттэн олохтоох дьоммут бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кэлэн көмөлөһө сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабын быһаарыытынан, улууска баһаары утары охсуһарга оборудование, инвентарь уонна уматык бэрилиннэ. Онон, түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабыгар, ЫБММ-гэр, зондировщиктары көдьүүстээхтик үлэлэппиттэригэр СӨ Быыһыыр сулууспатыгар, «Якутлесресурс», «Авиалесоохрана» тэрилтэлэригэр, улуус нэһилиэктэрин баһылыктарыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Ойуур баһаардарын сотору кэминэн умуруорар баҕа санаалаахпыт.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…