Салгыы
Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

07.09.2024, 21:21
Хаартыска: УлусМедиа.
Бөлөххө киир:

Бүгүн НТВ ханаал  “Чудо” биэриитигэр Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, эдэр орнитолог, 11 саастаах Никита Никитин кытынна.

Никита көтөр араас саҥатын үтүктэр дьоҕурдаах, орнитолог идэтин баһылыыр баҕалаах. Аан бастаан Никита суор саҥатын үтүктэртэн саҕалаан, көтөрдөрү кэтээн көрүүнэн умсугуйан барбыт. Билигин уолчаан  Элгээйитээҕи Б.Андреев аатынан Айылҕа түмэлин орнитология куруһуогун уһуйуллааччыта. Олус элбэх көтөр саҥатын бу баардыы үтүктэн, соһутар да, сөхтөрөр да айылҕаттан ураты дьоҕурдаах. Иллэҥ кэмигэр түмэлгэ экскурсовод быһыытынан эмиэ үлэлиир.

Уолчаан ыытааччыны да, көрөөччүлэри да чахчы сөхтөрдө. Ыытааччы Арсений Попов ойуурга муммут уол туһунан остуоруйаны кэпсээтэ, ону Никита көтөрдөр саҥаларынан доҕуһуоллаата. Татыйык, күөрэгэй, соловей, суор, тоҥсоҕой, кустар, элиэ, бэл, павлин — барыларын үтүгүннэ. Устуудьуйаҕа элбэх киһи, чаҕылыйар уот-күөс  баар диэн толлон турбакка, ыытааччыны кытта наһаа үчүгэйдик кэпсэттэ уонна хомуска оонньоон иһитиннэрдэ, элбэх талааннааҕын итэҕэттэ.

Никитаны  ийэтэ Анна Трофимова арыаллаан барбыт. Кини — ырыаһыт Дуолан Трофимов кэргэнэ буоларын билэбит. Анита сахалыы таҥаһын ыытааччы олус сэргээтэ. Онуоха Анита: «Бу биһиги сайыҥҥы таҥаспыт, кыһыҥҥы таҥаспыт өссө ордук сиэдэрэй!» — диэтэ. Ыытааччы: «Оччоҕо кыһыҥҥы таҥаскытын көрөөрү, эһигини кыһын эмиэ күүтэбит!» — диэн эттэ.

Никитаҕа  ардах хотуппат, күн уотунан иитиллэр «фотоловушканы» бэлэхтээтилэр. Бу бэлэх уолчаан көтөрдөрү кэтээн көрөрүгэр олус туһалаах буолуоҕа.

Биэрии быраабылатынан, кыттыбыт оҕолор бары улахан устуулга олорон, баҕа санааларын этэллэр. Никита Никитин олус бэркэ санаатын тиэртэ, түмүгэр, айылҕаны, көтөрдөрү харыстыырга ыҥырда.

+1
117
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • 1°C
  • Ощущается: -3°Влажность: 97% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: