Николаев-Киин салайааччыта устудьуоннар санаа атастаһар былаһааккаларыгар санаатын үллэһиннэ
Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын тэрээһинин чэрчитинэн уонна РФ Конституциятын 30 сылынан М.К.Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын устудьуоннара кыттыылаах «Будь первым» диэн мунньах ыытылынна.
Бу көрсүһүүгэ үрдүк, орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара дойду Конституциятын устуоруйатын сайдыытын тула кэпсэттилэр. Ыччат бу докумуон уопсастыба сайдыытыгар оруолун, эбии тугу киллэриэххэ сөбүн туһунан кэпсэттилэр. Устудьуоннарга анаан бастакы бэрэсидьиэн М.Е.Николаев Николаев-Киин архыып-бибилэтиэкэтин салайааччы Юрий Семенов тыл эттэ. Кини М.Е.Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа Федерациятын кытта Федеративнай дуогабар түһэрсиини көҕүлээбит дьоһун үлэтин-хамнаһын устудьуоннарга кэпсээтэ:
—Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ, норуот интэриэһин өрүү көмүскүүрэ. Кини үтүөтүнэн Конституцияҕа өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бас билэр кыахтаммыта. Бу өрөспүүбүлүкэбит дьоһуннук сайдыытыгар олук уурбута. Бу барыта өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар туһуламмыта, — диэн этэр Юрий Семенов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: