Николаев-кииҥҥэ «Доҕоттор көрсүһүүлэрэ» кэскиллээх барылы торумнаата (видео)
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев архыып-бибилэтиэкэтигэр – Николаев-Кииҥҥэ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр “Доҕоттор көрсүһүүлэрэ” уопсастыбаннас мунньаҕа буолла.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ ытык киһитин бииргэ үлэлээбит соратниктара, кэллиэгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх, наука, култуура, доруобуйа харыстабылын, успуорт эйгэлэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Мунньах кыттыылаахтара итии үүттээх чэйдээх сандалы тула олорон, саха саарынын кытта алтыһан ааспыт кэмнэрин аҕыннылар, араас этии киирдэ, кэскиллээх барыл торумнанна.
“Доҕоттор көрсүһүүлэрэ” тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев эрэллээх соратнига, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Климент Иванов санаатын тиэртэ.
Климент Егорович өрөспүүбүлүкэ ытык киһитин үйэтитиигэ анаан бу курдук бэлиэтээтэ.
Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев Хаҥалас улууһугар СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ улуус олохтоохторуттан үгүс этии киирбитин, онон сибээстээн былааннаах үлэ барыаҕын туһунан бэлиэтээтэ.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Михаил Николаев нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ үйэтитэр туһунан үгүс этиини киллэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: