Николаев-кииҥҥэ «Доҕоттор көрсүһүүлэрэ» кэскиллээх барылы торумнаата (видео)

Share

Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр,  Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев архыып-бибилэтиэкэтигэр – Николаев-Кииҥҥэ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр “Доҕоттор көрсүһүүлэрэ” уопсастыбаннас мунньаҕа буолла.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ ытык киһитин бииргэ үлэлээбит соратниктара, кэллиэгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх, наука, култуура, доруобуйа харыстабылын, успуорт эйгэлэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

Мунньах кыттыылаахтара итии үүттээх чэйдээх сандалы тула олорон, саха саарынын кытта алтыһан ааспыт кэмнэрин аҕыннылар, араас этии киирдэ, кэскиллээх барыл торумнанна.

“Доҕоттор көрсүһүүлэрэ” тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев эрэллээх соратнига, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Климент Иванов санаатын тиэртэ.

Климент Егорович өрөспүүбүлүкэ ытык киһитин үйэтитиигэ анаан бу курдук бэлиэтээтэ.

Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев  Хаҥалас улууһугар СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ  Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ улуус олохтоохторуттан  үгүс этии киирбитин, онон сибээстээн былааннаах үлэ барыаҕын туһунан бэлиэтээтэ.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Михаил Николаев нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ үйэтитэр туһунан үгүс этиини киллэрдилэр.

Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

4 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

4 часа ago