Николаевскай пуорумҥа кыттааччылар бастыҥ сырдатар бырайыактарын быһаардылар

Share

Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев кэриэһигэр ыытыллыбыт Николаевскай II пуорум түмүгүн таһаардылар.

Тэрээһиҥҥэ барыта 24 улуустан уонна куорат уокуругуттан 100-чэкэ бэрэстэбиитэл, ону тэҥэ, Иркутскай уобаластан икки киһи кытынна. Кинилэр үөрэх анал бырагырааматын аастылар, ол түмүгүнэн эрэгийиэн сайдыытыгар туһаайыллар сырдатар бырайыактары толкуйдаатылар.

Пуорум кыттыылаахтара түөрт  хайысханан үөрэҕи аастылар: «Правовая грамотность», «Финансовая грамотность», «Медиаграмотность» уонна «Культурная грамотность».

Пуорум дириэксийэтин салайааччыта, Саха сиринээҕи ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ Антон Васильев этэринэн, Николаевскай иккис пуоруму араас улуустартан кэлбит эдэр исписэлиистэри өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев биир уопсай соруга – олоххо баар инники тутуллар сыаннастары оннунан хаалларар, үксэтэр туһунан көҕүлээбит хамсааһына сомоҕолоото.

“Пуорум чэрчитинэн эдэр үлэһиттэр уопсай күүстэрин түмэн чахчы сыаналанар, инникитин өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар олоххо киирэр кыахтаах бырайыактары толкуйдаатылар. Михаил Ефимович Николаев эдэр дьоҥҥо, кинилэр олоҕу тупсарар кыахтарыгар эрэнэр этэ. Бу итэҕэл эдэрдэр өрө көтөҕүллэн саҥаны оҥороллоругар сирдиир итиэннэ өрөспүүбүлүкэ кэскилэ ыччат илиитигэр баарын санатар”. – диэн Антон Васильев бэлиэтиир.

Үлэлэри көмүскээһин кэнниттэн икки бырайыак бастыҥынан ааттанна.

Бастакыта – Саха сирин норуоттарын култууратын уонна устуоруйатын үөрэтиигэ аналлаах “Сырдат” ыччат төрүт дьыктаана. Бырайыак биир ааптара Сардаана Егорова этэринэн, тустаах дьыктаан ыччат бэйэтин норуотун култууратын билэригэр сирдиэҕэ.

“Бу бырайыак нэһилиэнньэ Саха сирин култууратын, устуоруйатын, тылын төһө билэрин кэтээн көрүүгэ туһаайыллар. Манна сыл аайы ыытыллар дьыктаан быһыытынан барар тест уонна үөрэтэр матырыйаал киирэр. Бырайыак сыллата туоларын уонна Саха сирин олохтоохторо билиилэрин тургутан көрөллөрүн, хаҥаталларын туһугар кыһаныахпыт” ,– диэн Сардаана Егорова этэр.

Иккис бырайыак – улаатан эрэр оҕолору үлэнэн хааччыйар “ТРУД 14” былаһаакканы тэрийии.  Маны толкуйдаабыт дьонтон биирдэстэрэ Артемий Никифоров бэлиэтээбитинэн, бырайыак 14-17 саастаах оҕолору үлэҕэ киллэрии боппуруоһун сүрүннээһиҥҥэ туһаайыллар.

“Биһиги сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору үлэҕэ киллэрбэттэр эбэтэр систиэмэ көдьүүһэ суохтук үлэлиир кыһалҕата баар диэн көрөбүт. Ол иһин биһиги маны бэрээдэктээн, үлэ биэрээччи уонна улаатан эрэр оҕо бииргэ үлэлэһэр аһаҕас былаһааккатын тэрийиэхпитин баҕарабыт” ,– диэн бэлиэтиир.

Кыайыылаахтары РАНХГС Уһук Илиҥҥи институтугар бэлэмнэнии  бырагырааматын ааспыттарын туоһулуур сэртипикээттэринэн наҕараадалаатылар.

Тэрээһин сабыллыытыгар хайысхаларынан бастыҥ кыттааччылары бэлиэтээтилэр:

  • «Финансовай грамотность» — Евгений Васильев (Нерюнгри оройуона);
  • «Медиаграмотность» — Сардаана Егорова (Бүлүү улууһа);
  • «Правовой грамотность» — Диана Белолюбская (Уус Маайа улууһа);
  • «Култуурунай грамотность» — Уйгулан Туласынов (Чурапчы улууһа).

Туспа бирииһинэн пуорум иитинэн ыытыллыбыт эссе  куонкуруһун кыайыылааҕын, Амма улууһуттан сылдьар Денис Ивановы наҕараадалаатылар.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago