Николай Аргунов: «Талаан биисинэскэ сирдиэхтээх»
Дьон-сэргэ үлэлээх-хамнастаах буолуутугар төһүү күүс буолар социальнай хантараак туһунан биһиги өрүү сырдатабыт. Социальнай хантараак диэн баар буолуоҕуттан, тыа сиригэр, куоракка даҕаны талааннаах дьон бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр тирэх буолла.
Бүгүн билиһиннэрэр киһим, Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээх нэһилиэгиттэн төрүттээх муоһу туойтарар уран уус Николай Аргунов, социальнай хантараак нөҥүө бэйэ дьыалатын тэриммит.
ТАЛААММЫН УЧУУТАЛЛАРЫМ ТАБА КӨРБҮТТЭРЭ
– Оскуолаҕа математика уонна уруһуй уруоктарын ордорорум. Бастакы кырааматабын математикаҕа иккис кылааска сылдьан ылбытым. Ол саҕана кырааматалар билиҥҥи курдук принтергэ бэчээттэнэн тахсыбаттар этэ. Олус кэрэтик уруһуйдаммыт, киэргэллээх кырааматаны туппут күммүн умнубаппын. Мин эмиэ маннык уруһуйдуох санаам кэлбитэ. Ол саҕана кыралаан уруһуйдуурум. Ол эрээри, математикаҕа дьоҕурум миигин «Инникигэ хардыы” диэн аан бастакы кэмпириэнсийэҕэ кыттарга кыах биэрбитэ. Кыттааччы сэртипикээтин ылбытым. Ол сыл өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй куонкуруһугар кыттаммын, Өлүөнэ остуолбаларыгар сынньалаҥ айаны бэлэхтээбиттэрэ. Онно оҕо буоламмын, сатаан тэриммэккэбин, ол айаҥҥа барбатаҕым. Ол миэстэлэспит уруһуйум бастакы бэрэсидьиэн М.Е.Николаев «Родной алас” диэн чараас кинигэтигэр киирбитэ.
Бу кэлин, бэйэм үс оҕо аҕата буолан олорон санаан көрдөхпүнэ, оҕо талаанын кыра сааһыгар төрөппүт бэлиэтии көрөн, сөптөөх куруһуокка, дьарыкка биэрэрэ тоҕоостоох эбит. Мин кыра сааспыттан тулаайах буоламмын, интэринээккэ олорон улааппытым. Аймахтарбар сайылыырым. Онон талааммын таба көрбүт дьонунан учууталларым буолаллар. Ол курдук, бэһис кылаастан үөрэппит кылааһым салайааччыта Домна Николаевна Устиноваҕа махтана саныыбын.
ТАБААРЫСТАРБЫН БАТЫҺАН ТУС СУОЛБУН БУЛБУТУМ
– 2000 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран дизайн уонна технология кэллиэһигэр туттарсан киирбитим. Дьиҥэр, бастаан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа (ЯХУ) туттарсыахтаахпын, докумуоммун хойутаан туттарбыт этим. Кэллиэскэ хас да идэттэн муосчут идэтин талбытым. Устудьуоннуур сылларбар олус көхтөөх этим. Үҥкүүлүүр, ыллыыр буолан үгүс тэрээһиннэргэ кыттарым. Идэбит хайысхатынан иккис, үһүс кууруска сылдьан элбэхтик уһанар этибит, оҥоһуктарбытын маҕаһыыннарга илдьэн туттаран эбии харчылаһар буоларбыт. Биһиги иннибитинэ үөрэхтэрин бүтэрбит уолаттар “Сардаана” фабрикаҕа үлэҕэ киирбиттэрэ. Мин эһиил үөрэхпин бүтэриэхтээх киһи ханна үлэлии барарым туһунан толкуйданар буолбутум. Табаарыстаһар буолан уолаттарга үлэлэригэр тиийэн тэҥҥэ уһанан быраактыка курдук сылдьарым. Онтон дипломнай үлэбин көмүскүүрбэр быраактыкабын ол доҕотторум көмөлөрүнэн “Сардаана” фабрикаҕа ааспытым. Онно фабрикаҕа оччолорго Саха сирин улахан уустара, Сойуус худуоһунньуктара бааллара. Үөрэхпин бүтэрэн баран бастаан кылгас кэмҥэ “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитим. Ол кэннэ табаарыстарбын батыһан “Драгоценности Якутии” тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим.
ҮҺҮС СЫЛБАР ДЬЭ, ТИГИСТИМ
– Социальнай хантараак туһунан табаарыспыттан истибитим. Айар үлэбин уонна биисинэһи ситимниэхпин сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн наар харчылаһар эрэ туһугар уһаммыт буоламмын, биир даҕаны быыстапкаҕа кыттыбатаҕым. Оҥорбут оҥоһуктарбын утары атыылаан иһэрим. Социальнай хантараакка киирсэн, былаан оҥостон, сааһыланан үлэлииргэ бэлэм буоллум дии саныыбын. Дьокуускайга социальнай хантараак ыларга аан бастаан олорор уокуругум быраабатыгар тиийэн ыйыталаспытым. Онно бэркэ сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Ол эрээри босуобуйа эҥин ылар буоламмыт, дохуоппут куруук элбэх курдук көстөн, икки сыл устата аккаас кэлэрэ. Дьэ, үһүс сырыыбар табыллан тигистим. Киһи кыраттан санаатын түһэрбэккэ, иннин хоту баран иһиэхтээх дии санаатым, аккааһы ылан баран киһи тохтоон хаалыа суохтаах эбит. Социальнай хантараагынан судаарыстыбаттан дьыалабын кэҥэттэргэ 350 тыһ. солк. ылан, уһанар бары тэрилбин атыыластым. Идэбин олус сөбүлүүбүн. Урут “Драгоценности Якутии” үлэлии сылдьан кытайдарга сакааһынан элбэх оҥоһугу оҥорбутум. Биир интэриэһинэй үлэбит – Василий Яковлев “Тойон Кыыл” айымньытыгар олоҕуран табаарыспын кытта оҥорбут оҥоһукпут. Ону сэргэ быһах угун эмиэ оҥоробун. Биирдиилээн дьон эмиэ сакаас биэрээччи. Урукку өттүгэр туттар тэрилим эҥин тиийбэт буолан, үлэлииргэ уустуктары көрсөрүм.
Билигин дьэ, социальнай хантараак нөҥүө көмө ылбыт киһи үлэм күөстүү оргуйуохтаах. Бу сотору Кытайга уустар оҥоһуктарынан атыы-тутуу дьаарбаҥката буолуохтаах. Онно кытта барар дьонунан оҥоһуктарбын ыытыахтаахпын. Киһи талаанын сайыннаран, биисинэс эйгэтигэр киирэн иһиэхтээх.
ДЬИЭ КЭРГЭНИМ
– 2008 сыллаахха ыал буолбутум, билигин үс кыыс оҕолоохпут. Оҕолорбутун сахалыы иитэбит. Улахан кыыс эмиэ бэйэм курдук уруһуйдуур, билигин бэһискэ үөрэнэр. Архитектура куруһуогар сылдьар. Орто кыыс математикаҕа дьоҕурдаах. Кыра кыыс оскуолаҕа киириэ ыраах. Төрөппүттэр быһыытынан оҕолорбут талааннарыгар болҕомто уура сатыыбыт. Ол курдук, ким туохха дьоҕурдааҕынан көрөн куруһуоктарга сырытыннарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: