Николай Атласов: «Сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэн истэхпитинэ хамсааһын тахсыаҕа»
Ил Дархан Анал этиитигэр эһиилгиттэн “Туризм уонна ыалдьыты көрсүү индустрията” диэн саҥа национальнай бырайыак олоххо киирэрин туһунан этиитэ улахан болҕомтону тарта.
Бу туһунан туризм эйгэтигэр тахсыылаахтык үлэлии сылдьар «Атласовтар уһаайбалара» этнокомплекс эрэстэрээнин бренд-шеф асчыта Николай Атласов бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Василий Атласов энтузиаст-урбаанньыт быһыытынан туризм салаатыгар, ыалдьыты көрсүү хайысхатыгар өр сылларга үлэлэспит киһинэн буолар. Ол түмүгэр бүгүн Саха сиригэр кэлбит туристарга саха култууратын, сиэрин-туомун, үгэһин, аһын-үөлүн аан бастакынан билиһиннэрэр “Атласовтар уһаайбалара” этнографическай туристическай комплекс баар буолла. Биһиги Атласовтар дьиэ кэргэн туризмы сайыннарыыга, чуолаан, ыалдьыттары көрсүү хайысхатыгар үгүс сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт. Маныаха сыһыаннаан Ил Дархан каадырдары бэлэмнииргэ, Саха сирин турбородуукталарын тарҕатыыга болҕомтону уурарга эппитин биһирии иһиттим. Тус бэйэм бренд-шеф пуобар быһыытынан «Гастрономическай аһылык» диэн саха аһын астааһыҥҥа киин куоракка эрэ буолбакка, улуустарынан сылдьан кафелар, остолобуойдар асчыттарыгар анаан маастар-кылаастары ыытан эрэбин. Биллэн турар, туристар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар сылдьан ааһаллар, онон уопуттаах, араас дойдунан сылдьар бренд-шеф пуобардар дьоммутугар көмөлөһөрбүт, асчыттары үөрэтэрбит наада.
Бу күннэргэ саамай күндү бэйэм сөбүлээн астыыр бүлүүдэлэрбин үүнэн эрэр Саҥа дьылга сахам дьонугар бэлэх уунан, өссө биир сонун сүүрээни олоххо киллэрэн эрэбин. Ол курдук, Саха сирин аатырбыт балыктарыттан оҥоһуллар «Атласовтар уһаайбалара» эрэстэрээн минньигэс бастыҥ астара, отон тумалаах көтөр кыылын буһарыы ырысыаба, чыыр балыгы сүмэтин сүтэрбэккэ астыыры духуопкаҕа буһаран көрдөрүү уонна судургутук оҥоһуллар олус үчүгэй минньигэс астар ыалдьыты көрсөр дьоҥҥо олус туһалаах буолуохтара. Бу барыта видеоҕа уһуллуоҕа. Бу үлэни дэгиттэр талааннаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх, сахалыы куттаах Муома улууһун ыччата Анатолий Хадов оҥоро сылдьар. Миигин кытта тэҥинэн бииргэ үлэлиир асчыттарым тэҥҥэ уһуллан, бэйэлэрин сатабылларын көрдөрүөхтэрэ. Бу курдук куйаар ситимин туһанан, киэҥ эйгэҕэ тахсыы — бастакы холонуум буолар. Биллэн турар, олус долгуйабын. Бар дьонум саҕалааһыммын өйүө-өйдүө диэн эрэнэбин.
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү анал этиитигэр “кылаабынайа – өрөспүүбүлүкэбитигэр ыалдьытымсах буолуу уонна аһаҕас буолуу эйгэтин олохтооһун” диэн бэлиэтээбитинии, туризм бу салаатыгар үлэлии сылдьар дьон сонун сүүрэннэри олоххо киллэрэн истэхпитинэ, улахан хамсааһын тахсыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: