Николай Бугаев: «Быйыл талыллыбыт норуот дьокутааттарын састааба олус күүстээх буолуоҕа диэн сабаҕалыыбын»
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн үлэтэ түмүктэннэ. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаатынан талыллыбыт Николай Бугаев бастакы күн түмүгүнэн санаатын үллэстэр:
— Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕа буолла. Бүгүн Ил Түмэн састааба талылынна. Көстөрүн курдук, Судаарыстыбаннай Мунньах 52%-а — саҥа талыллыбыт дьон. Норуот дьокутааттарын ортолоругар икки байыаннай дьайыыга кыттыбыт киһи баар, онтон биирэ Арассыыйа Дьоруойа, иккиһэ – «Хорсун быһыы» уордьан кавалера. Ону таһынан араас эйгэҕэ үлэлээбит дьон норуот дьокутаатынан талыллан, үлэлээн эрэллэр, онон быйыл талыллыбыт норуот дьокутааттарын састааба олус күүстээх буолуоҕа диэн сабаҕалыыбын.
Саха сирин олохтоохторо маннык уустук усулуобуйаҕа ыарахаттары билбэккэ, дьон сиэринэн олороллоругар уонна олох хаачыстыбата тупсарыгар туох баар күүспүтүнэн, кыахпытынан үлэлиэхпит дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: