Николай Бугаев: «Быстах хомуурга барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэрин өйүөхтээхпит”

Share

СӨ уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев дойдуга ыытылла турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ тус санаатын үллэстэр.

— Уустук байыаннай балаһыанньанан биһиги, уопсастыбаннай координационнай киин, МЫВМЕСТЕ# диэн волонтерскай хамсааһыны эрэгийиэҥҥэ үлэлэтэбит. Өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустарыгар маннык волонтерскай ыстааптар тэрилиннилэр. Ол курдук  хамсааһын таҕыста диэн этиэххэ наада. Улуустар, өрөспүүбүлүкэ араас тэрилтэлэрэ байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар туох тиийбэтинэн көмө оҥорон эрэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, ырыынакка, маҕаһыыннарга аптечкалар бүтэн хаалбыттарыгар, биһиэхэ иистэнньэҥнэрбит абыраатылар. Ол курдук, аптечка бөҕөтүн тигэн, эмп-томп хаалаан сулууспалыы сылдьар дьоммутугар ыыттыбыт. Маны сэргэ, антах сулууспалыы сылдьар дьоммутугар суунар-тараанар усулуобуйа суоҕунан ис таҥас, ону сэргэ кыһын кэлэн эрэринэн, сылаас таҥас эбии хомуйан эрэбит. Кыстыкка киириигэ эр киһитэ суох тыа сиригэр уустуктардаах. Онон байыаннай хомуурга барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэрин көрүү-истии туһунан боппуруоска улуустар түөлбэлэрин кытта үлэлэһэн эрэбит. Муус ылыыта, оттук мас, муҥха о.д.а боппуруостарга биһиги сулууспалыы барбыт дьонноох дьиэ кэргэттэрбитигэр көмөлөһүөхтээхпит уонна өйүөхтээхпит. Бу уустук кэмҥэ бары түмсүүлээх буолуохтаахпыт.

Манна эбэн эттэххэ, Саха сирэ Москваҕа байыаннайдары өйүүрү сүрүннүүр киини арыйда.  Киин анаан-минээн  Саха сириттэн төрүттээх байыаннайдарга уонна дьиэ кэргэннэригэр өйөбүлү тэрийэри, дойдубут саҥа сирдэрин-уоттарын чөлүгэр түһэриини, нэһилиэнньэҕэ гуманитарнай көмөнү ыытары үүннүөҕэ-тэһиинниэҕэ, Москва куоракка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэстибитин баазатыгар үлэлиэҕэ диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago