Николай Бугаев: «Саха сирин ыраах уонна уустук суоллаах сирдэрин олохтоохторо быыбарга бары кытталлар»

Николай Бугаев: «Саха сирин ыраах уонна уустук суоллаах сирдэрин олохтоохторо быыбарга бары кытталлар»

Ааптар:
15.03.2024, 19:48
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Уопсастыбаннай диэйэтэл Николай Бугаев Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ ыраах уонна уустук сирдэргэ куоластааһыны тэрийии үрдүк таһымнааҕын бэлиэтиир.

«Мин Уһук Илин уокуругар быыбарга дьон кыттыытын таһымын көрдүм — таһыччы үрдүк. Холобура, Чукоткаҕа нэһилиэнньэ улахан аҥаара куоластаабыт. Саха сиригэр бээтиниссэҕэ эбиэккэ диэри хас бэһис быыбардааччы быыбарга кыттыбыт. Билигин киэһэ бу сыыппара өссө үрдүөҕэ», — диэн Николай Бугаев бастакы дааннайдар туһунан ырытан кэпсиир. Кини Уһук Илиҥҥэ маннык үрдүк көрдөрүү болдьоҕун иннинэ куоластааһын суотугар, ону ыраах уонна уустук суоллаах сирдэргэ бэркэ тэрийэн ыытыы буолбутугар эрэллээҕин этэр.

«Саха сиригэр бөртөлүөтүнэн эрэ тиийэр бөһүөлэктэр бааллар. Онно хас даҕаны ыал олорор, сорохторго биирдии эрэ быыбардааччы олорор. Онно эмиэ быыбардыыр хамыыһыйалар тиийбиттэрэ, бэрэсидьиэни талар быыбар бырааба барыбытыгар баар. Эрэгийиэннэр олохтоохтор быыбарга кытталларын туһугар тугу да кэрэйбэтилэр», — диэн кини эбэн этэр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: