РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев байыаннай сулууспалаахтарга көмө миэрэлэри ылыыга ыытар үлэтин, Саха сирин уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатарга сорудахтаата.
Саха сирин олохтоохторо дойду Аҕа баһылыгын сыанабылын сэргии ылыннылар. Бу туһунан СӨ Уопсастыбаннай балаататын салайааччыта Николай Бугаев санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүргэ улахан хамсааһын бара турар. Бу суолталаах үлэҕэ уопсастыбаннас, дьоммут-сэргэбит бары кыттыыны ыллаллар. Уопсастыбаннай балаата бырабыыталыстыбаны кытта бииргэ үлэлээн, дьоммут-сэргэбит өйөбүлүнэн араас хайысхалаах үлэни ыытабыт. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уонна улуус аайы үлэни сүрүннүүр ыстааптар үлэлиилэр. Биһиги бэрэстэбиитэллэрбит Крымҥа, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ бааллар. Кинилэр нөҥүө уолаттарбыт наадыйар тэриллэрин, экипировканы, таҥас-сап ыыта турабыт. Улуустарынан, араас тэрилтэлэринэн эмиэ күүстээх үлэ бара турар.
Ол курдук, ийэлэр, эбээлэр эмп-томп, сылаас таҥас тигэн ыыталлар. Тыа сиригэр дьон түөлбэнэн олорор. Онон миэстэтигэр уопсастыбанньыктар олохтоох дьаһалталары кытта түөлбэлэри көҕүлээн, биир хайысхалаах үлэни тэрийэллэр.
Ол курдук, бу күннэргэ быстах хомуурга барбыт уолаттар дьиэ кэргэттэригэр кыһыны быһа иһэр уунан хаччыйан — муус ылан, оттук мастарын киллэрэн, хаар ыраастаан, муҥхалаабыт соболоруттан үллэстэн, улахан өйөбүлү оҥордулар.
Онон дьон бары өрөспүүбүлүкэбит салалтата байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоҥҥо ураты болҕомтотун ууран үлэлиирин билэ-көрө сылдьаллар. Уустук балаһыанньаҕа ыраах сылдьар уолаттарбытыгар туох кыалларынан көмөнү, өйөбүлү оҥорууга бары бүттүүн турунан үлэлэһэбит уонна өссө күүстээхтик үлэлиэхпит.
Уопсастыбаннай балаата чилиэннэрэ байыаннай чаастарга, бааһырбыт уолаттарбыт эмтэнэ сытар госпиталларыгар сылдьар, кэккэ тустаах боппуруоһу кэмигэр быһаарсан иһэллэр.
Бу өрөспүүбүлүкэ салалтата ыытар үлэтин дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин холобур оҥостон, Саха сирин уопутун тарҕатарга этии киллэриитэ — биһиги барыбыт үлэбит сыанабылын курдук ылынан, өссө да уолаттарбытын өйүүр үлэни тиһигин быспакка ыытыахпыт.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…