Николай Бугаев: “Владимир Путин – Арассыыйа төрүт сыаннастарын чөл хаалларар интэриэстээх”

Николай Бугаев: “Владимир Путин – Арассыыйа төрүт сыаннастарын чөл хаалларар интэриэстээх”

15.12.2023, 15:38
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн дьокутаата, Саха сирин уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, “Саха түмэлэ” тэрилтэ дириэктэрэ Николай Бугаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа лииньийэтин биһиги дойдубутугар эрэ буолбакка, атын судаарыстыбаларга эмиэ суолталаах түгэн диэн эттэ.

“Владимир Путин сабыдыала Арассыыйа ис бэлиитикэтиттэн тахсыбыта быданнаата. Кини этиитэ бүтүн аан дойду дьонун инники турар соруктарын уонна сыаннастарын быһаарар”, — диэн Николай Бугаев бэлиэтээтэ.

Владимир Путин Арассыыйа тутуллан турар сыаннастарын чопчу ыйбытын этэр: бу бэйэ дойдутунан уонна кини гражданнарынан киэн туттуу, дьиэ кэргэн үгэстэригэр ытыктабыл, оҕолорго уонна саастаах дьоҥҥо кыһамньы, нуучча култууратын чөл хаалларыы.

“Сорох арҕаа дойдулар нуучча култууратыгар геноциды көҥүллүүллэр, дьиҥнээх национализмы көрдөрөллөр. Ол эрээри, Владимир Путин Арассыыйаҕа маннык сыһыаннаһары көҥүллээбэтин туһунан өйдөбүлү иҥэрдэ. Төттөрүтүн, биһиги баай устуоруйабыт уонна култуурабыт эталон буолан эрэллэр. Атын судаарыстыбалар олохтоохторо Пушкины уонна Достоевскайы ааҕаллара, биһиги дойдубут хорсун быһыытын кытта билсэллэрэ, сөҕөллөрө үксээн иһэр”, — диэн Ил Түмэн дьокутаата, Саха сирин уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, “Саха түмэлэ” тэрилтэ дириэктэрэ Николай Бугаев эттэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
2
+1
2
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: