Николай Бугаев: «Земскэй култуура үлэһитэ» бырайыак сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ култуурунай олоҕу уларытыаҕа»
- Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайбыт Анал этиитигэр Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын түмэлин дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Николай Бугаев бэйэтин санаатын үллэстэр:
— Судаарыстыба баһылыгын Анал этиитэ – биһиги дойдубут бэлиэ түгэнинэн буолар. Ааспыт сылга мин кинини утары олорон истэр дьолломмутум. Оттон бүгүн мин доҕотторбун уонна бииргэ үлэлиир дьоммун кытары олорон иһиттим.
Анал этии олох бары эйгэтин хабар уонна дойду инники кэскилин түстүүр аналлаах. Ол эрээри, биллэн турар, бастатан, кини биһиги үлэбит салаатын туһунан тугу этэрин күүппүппүт. Владимир Владимирович култуура сыаннастарын харыстыырга эбии 100 млрд. тахса үп көрүллэрин иһитиннэрдэ. Анал бырагыраама баар буолуоҕа, тыһыынчаттан тахса пааматынньык саҥардыллыаҕа – бу олус үчүгэй. Итини таһынан «Земскэй култуура үлэһитэ» диэн саҥа бырагыраама тахсара Саха сиригэр олус улахан суолталаах. Бу туһунан биһиги уопсастыбаннаһы кытары элбэхтик кэпсэппиппит – ыра санаабыт даҕаны диэххэ сөп. Владимир Владимирович биһигини истибит! Бу бырайыак үгүс сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ култуурунай олоҕу уларытыаҕа дии саныыбын. Бу бырагыраама бүттүүн Арассыыйа үрдүнэн үлэлиирэ олус үөрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: