Николай Дегтярев: «2023 сылга үлэһит киһи аатын-суолун үрдэтиигэ олус улахан үлэ барда»

Share

2023 сылга үлэ киһитин аатын-суолун үрдэтии, кинини чисэтээһин-бочуоттааһын үлэтэ күүскэ барбыта. Үлэ киһитин сыла түмүктэммитин, кэлэр сыл Оҕо сылынан биллэриллэрин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа туһаайан эппит Анал этиитигэр эттэ. Бүгүн быйылгы Анал этии туһунан Саха сирин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Николй Дегтярев санаатын маннык үллэһиннэ:

— Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы Анал этиитигэр сыл түмүктэрин таһаарда, чугастааҕы кэлэр сылга сүрүн соруктары туруорда. 2023 с. ылыллыбыт үгүс дьаһаллар уонна өйөбүл миэрэлэрэ кэлэр да өттүгэр салҕанан барыахтара диэбитин үөрэ иһиттим. Аны туран хоһуун-хоодуот үлэһит дьону «Үлэ киһитэ» диэн бириэмийэҕэ түһэриини салҕыахпыт диэн этиитэ – бу улахан өйөбүл. Бары билэрбит курдук, 2023 сылга үлэһит киһи аатын-суолун үрдэтиигэ олус улахан үлэ барда.

Мин өссө тус бэйэбэр чугастыы ылыммытым, хас биирдии саха киһитэ Кыайыыны чугаһатар туһугар күүскэ үлэлиэхтээх диэн этиитэ. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биһиги уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр туох баар күүспүтүн-уохпутун уураммыт өйөбүл оҥоруохтаахпыт диэтэ. Ону сэргэ кэлэр сыл Оҕо сылынан биллэриллибиттэн олус үөрдүм.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago