Николай Дегтярев: “Михаил Николаев тыа сирин дьоно туруктаах олохтоноругар туруулаһара”

Share

СӨ Идэлээх Сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев:

— Бу күннэргэ Саха сиригэр улахан курус күннэр. Бастакы бэрэсидьиэммит, ытыктыыр Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн туораата. Киниэхэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо сүгүрүйэр, ытыктыыр киһилэрэ диэн мээнэҕэ эппэттэр, биһиги духуобунай диэйэтэлбит. Тус бэйэм Михаил Ефимовичка махтанарым — кини саханы саха дэппит сүҥкэн өҥөлөөх. Биллэрин курдук, уларыта тутуу сылларыгар култуура, духуобунас боппуруостарын, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт, бастыҥ дьоннорбут ааттарын төнүннэрбит киһибит. Аҥардас ол да иһин биһиги Михаил Ефимовичка махталлаахпыт. Боростуой, хара үлэһиттэргэ болҕомтотун уурара, өрөспүүбүлүкэ, тыа дьоно бырамыысыланнаска үлэлээн олохторо тупсарыгар, туруктаах буоларыгар улахан үлэни ыыппыта.

Мин Арассыыйаны биир гына элбэх сиргэ сылдьыбытым. Ити кэмҥэ олус элбэх бөһүөлэктэр сабыллыбыттара, оҥорон таһаарыы тохтообута. Биһиги Михаил Ефимович Николаев курдук салайааччылаах, тумус туттар киһилээх буоламмыт, бииргэ үлэлиир дьонун кытта түмсэн, Саха сирэ ити охсууну удамырдык, улаханнык билбэккэ аһарбыта.

Михаил Ефимович олоҕун тиһэх күнүгэр диэри бэйэтин киэҥ билиитин, санаатын дьонун, норуотун кытта үллэстэ олорбута. Ол курдук, биһиэхэ кэлэн уопсай үлэ-хамнас туһунан эмиэ элбэхтик ырытыспыппыт.

Михаил Ефимович дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, бииргэ үлэлэспит дьонугар, бүтүн Саха сирин олохтоохторугар Идэлээх Сойуустар федерациятын үлэһит дьонун аатыттан дириҥ кутурҕаммын биллэрэбин. Түмсүүлээх буолуоҕуҥ, кини эппит этиилэрэ, санаабыт санаалара олоххо киирэн иһиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago