Николай Алексеевич Егоров дьоһун, холку майгылаах ытык кырдьаҕас, чахчы бэйэтин кэмигэр үлэни кыайа-хото туппут киһи – математика учууталыттан оскуола дириэктэригэр, нэһилиэгин баһылыгар тиийэ үүнэн-сайдан үлэ бөҕөнү көрсүбүт киһи, ол кэрэһиттэрэ – түөһүн муҥунан мэтээллэрэ.
Николай Алексеевич СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр анаан-минээн Арассыыйа Дьоруойа уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт Дмитрий Егоров сырдык кэриэһигэр анаан тахсыбыт кинигэни бэлэх ууна кэлбит. Түгэнинэн туһанан, Дьоруой аҕатын кытта кэпсэттибит.
– Николай Алексеевич, Дмитрий оҕо сылдьан хайдах этэй?
– Дима оҕо эрдэҕиттэн сытыы, сылбырҕа этэ, үлэҕэ олус сыстаҕас, ылсыбытын барытын тиһэҕэр тириэрдэр, түргэн-тарҕан туттуулаах, сатабыллаах оҕо этэ. Элбэх доҕоттордоох, табаарыстарын кимиэхэ да атаҕастаппат этэ. Кыргыттарга сыһыана ураты буолара, куруук харыстыы-араҥаччылыы сылдьара, бэйэлэрэ да ахталларынан, пиэрмэҕэ үлэлии сылдьан кыргыттарга анаан-минээн дьэдьэннээх сирдэри көрдөөн булан, онно сир астата илдьэр эбит. Аармыйаҕа барыар диэри уҥуоҕунан лаппа кыра оҕо этэ, кэлэригэр эр киһи көрүҥүн тутан, кэтирээн, уһаан кэлбитэ.
– Байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барарыгар туох сабыдыалы оҥорбута буолуой?
– Саха ыалын сиэринэн киэһэ чэйдии олорон сэһэргэстэхпитинэ даҕаны, Дима улаханнык утарарын биллэрээччи аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны. Эдэр, олоҕу билэ илик оҕолор баралларыттан ордук санааҕа ылларааччы, биһиги курдук олох олорбут, оҕо төрөппүт дьон барыан сөп этэ диэн санаатын үллэстээчи. Мин да өттүбүттэн, ийэтин да өттүттэн эһээлэрэ, убайдара, таайдара бары Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ, бары төннөн кэлбит дьон, онон холобур ылар дьоно куруук аттыгар бааллара. «Туох эбит буолар да күннээх буоллахпына, халтай өлүөм-сүтүөм суоҕа, ааппын ааттатан баран барыам» диэн санаата кытаанах этэ.
– Куйаар ситимин нөҥүө байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт сатабылларын, олоххо араас өттүттэн бэлэмнээхтэрин туһунан элбэх видео кэлэр, эн санааҕар, ити төрүөтэ туохха сытарый?
– Ити чахчы баар суол, уолум да кэпсииринэн, бииргэ сулууспалаабыт уолаттара да этэллэринэн, былыргы курдук сүүһүнэн киһини муспакка, аҕыйах уонча эрэ ахсааннаах бөлөхтөргө араараллар эбит, ол бөлөхтөргө саатар биир саха баар буоларын ситиһэ сатыыллар эбит. Саха уолаттара блиндаж да оҥорорго, окуопа да хаһарга, кутаа да отторго, ас бүттэҕинэ бултаан-алтаан даҕаны, олоххо сатабыллара үрдүк эбит. Ити барыта сөпкө иитииттэн дии саныыбын, үлэҕэ сыстаҕас буоларга иитэн таһаарыыттан. Тыа сирин оҕото куорат оҕотуттан сатабыллаах буолар, онон эдэр ыччаты үлэттэн куттаммат, туох баар үлэҕэ барытыгар сыстаҕас, сатабыллаах гынан иитэргэ кыһаныахха наада.
«Эр киһи, табаарыс быһыытынан саамай сөпкө гыммыккын, табаарыскын көмүскэспиккин хайгыыбын, үөрэнээччи быһыытынан оскуола бэрээдэгин кэспиккин, ону сэмэлиибин», –
диэбитим.
– Кинигэ Сахабыт сиригэр буолбакка, Камчатка кыраайыгар тахсыбыт эбит, итини эһиги хайдах билбиккитий, ааптар хайдах сибээстэспитэй?
– Миэхэ ааптар Александр Смышляев Камчаткаттан эрийбитэ, бу эһиги уолгут Камчатка 40-с биригээдэтигэр сылдьан Дьоруой аатын ылбыт, дойдубут биир, онон кини туһунан, бэйэбит уолбут курдук санаан туран, кинигэ таһаарары гынабыт диэн. Мин наадыйар матырыйаалларын барытын ыытан, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарын кытта сибээстээн биэрбитим. Биирдэ даҕаны Саха сиригэр сылдьыбатах киһи диэтэххэ, ыраахтан олорон эрэн бэркэ суруйбут дии саныыбын, кинигэ табыллыбыт. Саха сирин дэлэгээссийэтэ Камчаткаҕа бара сылдьан саха уолун туһунан кинигэ таһааран эрэллэрин истэн, «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Васильевич Егоров кинигэ быраабын ылан, манна саха тылынан таһаарыах буолбуттар этэ.
– Оҕолорго, эдэр ыччакка тугу этиэҥ этэй?
– Элбэхтик успуордунан дьарыктаныахха наада, эти-сиини чэбдигирдэн, туох баар үлэни барытын кыайарга, сатыырга дьулуһуохха наада, кыаммакка-мөлтөххө куруук көмүскэһэ-көмөлөһө сылдьарга үөрэниэхтээхтэр. Мин уолум оннук киһи этэ. Оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэ сылдьан оҕону кырбаата диэн дириэктэргэ ыҥыран турардаахтар, «тоҕо оҕону кырбаатыҥ?» диэн ыйыппыппар, «табаарыспын, миигиннээҕэр кыра уолу, кырбаабыта, ону иэстэспитим» диэбитэ. Онуоха мин: «Эр киһи, табаарыс быһыытынан саамай сөпкө гыммыккын, табаарыскын көмүскэспиккин хайҕыыбын, үөрэнээччи быһыытынан оскуола бэрээдэгин кэспиккин, ону сэмэлиибин», – диэбитим, баҕар, итинник иитии даҕаны сабыдыаллааҕа буолуо, «Осина» тирэх пууну соҕотоҕун ылан, Дьоруой үрдүк аатыгар түһэриллэн баран, табаарыһын Ронины быыһыы киирэн иккиэн былдьаммыттара. Ийэтин сүрэҕэ тулуйбатаҕа, уола суох буолбутун истэн баран, аҕыйах хоноот сырдык тыына быстыбыта.
– Николай Алексеевич, эйиэхэ Дьоруой киһини иитэн таһаарбыккар махтанабыт.
– Мин иитиим үксэ хонтуруол буоллаҕа, ийэтэ улахан оруоллаах кини иитиитигэр, үөрэммит оскуолата, учууталлара, бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонноро, доҕотторо, бары – кини Киһи буолан иитиллэн тахсарыгар улахан сабыдыаллаахтар. Дьоруой буолан төрөөбөттөр, иитиллэн тахсаллар.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ.
Хаартыска: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ
Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр, эт арааһын хаһааналлар. Идэһэни өлөрүүгэ Ил Дархан Айсен…
Саха сирин синоптиктара өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар түһэрин билгэлииллэр. Арҕаа, киин улулуустарга, соҕуруу, хотугулуу-илин кыралаан…
Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…
Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…
Бу күннэргэ Ньурба улууһун киин бибилэтиэкэтэ "Үрүҥ торуоска" ыйын чэрчитинэн Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар "Олоҕу ылынабын…
Уус Алдаҥ улууһугар С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы үп управлениетын тэрийиилэринэн "Финквиз" оонньуу…