Николай Харбин: «Бар дьоммут түмсүүтэ – барыбыт кыайыытыгар тиэрдиэхтин!»
Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин байыаннай эпэрээссийэ сиригэр тирэх пууннарга үлэлии сылдьар волонтердарга наадалаах микро-оптуобуһу, биир дойдулаах буойуттарыгар гуманитарнай көмөнү илдьибит сырыытыттан уонна улууһун дьоно, нэһилиэктэрэ бу дьыалаҕа улахан көмөлөрүн тустарынан кэпсээтэ:
— Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ сиригэр тирэх пууннарга үлэлии сылдьар биһиги волонтердарбытыгар олус наадалаах микро-оптуобуһу атыылаһыыга кыттыбыт бары дьоммутугар улахан барҕа махталбын тиэрдэбин. Бу тиэхиньикэ гуманитарнай көмөнү уонна бааһырбыт байыаннай сулууспалаахтары Ростов-на-Дону куоракка уонна кыраныысса аттынааҕы куораттарга баар госпиталларга тиэрдиигэ күн солото суох үлэлии-хамсыы сылдьар хорсун-хоодуот дьоммутугар олус наадалаах.
Маны сэргэ улууспут нэһилиэктэрин баһылыктарыгар уонна олохтоохторугар Дабаан (баһылык Жирохова В.А.) – 72 тыһ. солк., Кээччи (баһылык Федотова Р.О.) – 50 тыһ. солк., Малдьаҕар (баһылык Редько М.А.) – 50 тыһ. солк., Маача (баһылык Стаяновскай В.А.) – 50 тыһ. солк., Тээнэ (баһылык Николаев А.М.) – 54 тыһ. солк., Солянка (баһылык Якушкова Н.З.) – 62.5 тыһ. солк., 1 Нөөрүктээйи (баһылык Орлова Г.С.) – 76 тыһ. солк., Өлүөхүмэ (баһылык Янкова Е.Г.) – 50 тыһ. солк., Дьаархан (баһылык Шевелева Е.В.) – 90,2 тыһ. солк., Киндигир (баһылык Неустроев В.П.) – 60 тыһ. солк., Кыыллаах (баһылык Макаров А.Г.) – 54 тыһ. солк.) бу маннык суолталаах көмөнү оҥорууга тус кылааттарын киллэрбит үтүөлэрин иһин биир туспа улахан махтал буолуохтун!
Оройуоммут дьаһалтатыттан быйыл тохсунньуга ыыппыт “УАЗ-Патриот» массыынабытыгар күүс-көмө буолан, бу микро-оптуобуспут СӨ буойуттарга көмөнү Биир кэлим сүрүннүүр киинин автопааркатыгар дьоһун үлэтин кыайыы туһугар толоруоҕар, бэйэтин кылаатын киллэриэҕэр эрэнэбит. Бар дьоммут түмсүүтэ – барыбыт кыайыытыгар тиэрдиэхтин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: