Николай Крылов бириэмийэтин тутан үөрбүттэрин биллэрэллэр

Share

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Николай Александрович Крылов биир дойдулаахтарыгар, Бүлүү улууһун суруксут оҕолоругар анал бириэмийэтин туттартыыр.

Быйылгы бириэмийэтин Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын “Ориентир” медиа-киинэ тутан үөрбүттэрин биллэрэллэр. Николай Александрович Бүлүү улууһугар оҕо суруналыыстыката сайдарыгар үгүс үлэни ыытарын, үөрэнээччилэри кытта көрсөн бу эйгэҕэ сүбэ-ама биэрэрин, анал истипиэндьийэ олохтоон күүс-көмө буоларын бэлиэтииллэр. Аныгы курдук ыччат ортотугар сахалыы тыллаах суруналыыс дэҥҥэ көстөр кэмигэр, кини бу үтүө холобура хайҕабыллаах.

Оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ Марианна Ионова этэринэн, анал истипиэндьийэни 2018-2020 сылларга “Ориентир” эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Валерий Антонов, Николай Федоров, Ангелина Дедюкина тутар дьолун билбиттэр. “Николай Александрович бириэмийэ олохтообута уонтан тахса сыл буолла. Оҕоҕо маннык бириэмийэни ылара олус улахан тирэх буолар. Бу оҕолор билигин суруналыыс идэтигэр үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар. Ангелина Дедюкина Николай Александрович туһунан ыстатыйа суруйан, улууска ыытыллыбыт күрэххэ бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ”, — диэн этэн туран, эдэр суруксуттары куруук өйүүр биир дойулаахтарыгар Николай Александровичка махталын биллэрэр, баҕа санаатын этэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago