Николай Лугинов айымньыларыгар Ийэ уобараһа

Share

Саха норуодунай суруйааччыта Н.Лугинов «Мать Чингисхана» диэн саҥа кинигэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылыгар күн сирин көрдө. Нуучча талааннаах суруйааччыта, тылбаасчыт В.Карпов Н.Лугинов айымньыларын сөбүлээн тылбаастыыр. Манна суруйааччы арамааныгар айбыт уобараһа туспа тутуллан тахсыбыта Ийэ туһунан бэртээхэй сэһэн, Ийэҕэ үйэлээх гимн курдук буолбут.

Н.Лугинов айымньылара университет устудьуоннарын болҕомтотун киинигэр сылдьар, курсовой уонна дипломнай үлэлэри суруйаллар. Соторутааҕыта Н.Данилова суруйааччы историческай сэһэннэрин ырытан үлүһүйэн туран үлэлээбитэ уонна бэркэ көмүскээбитэ. Ол иннинэ аспиранткам Н.Лугинов социальнай-психологическай, философскай сэһэннэригэр кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. Ол научнай ырытыы туспа кинигэ буолан тахсыбыта.

Бу чинчийээччилэр ырыталларынан, Н.Лугинов айымньыларын сүрүн дьоруойа, биллэн турар, эр киһи буолар. Кини олоҕу айааччы, судаарыстыбаны тутааччы уонна төрөөбүт норуотун интэриэстэрин көмүскээччи. Эр киһи буолан төрүүр – дьол. Оннооҕор Суор уол оҕо эрэ төрүүрүн күүтэр. Ол эрээри, улуу киһи буолар эрэйэ эмиэ элбэх буоллаҕа. Ону Чыҥыс-Хаан билинэр уонна ылынар, ол курдук кини: «Анал диэн – киһи мүччү түспэт тимир кытаҕаһа», – диэн этэр. Суруйааччы көлүөнэлэр быстыбат сибээстэрин көрдөрөр, кини айымньыларыгар үс уобарас – эһээ, аҕа уонна сиэн быстыспат сибээстээх буолаллар, өбүгэ үгэһэ салҕанан бара турар. Одьулуун эмиэ кинилэр олохторун салгыыр сиэннэрин көрө-көрө үөрэр, дуоһуйан дьоллонор. Уопсайынан даҕаны, суруйааччы историческай да, билиҥҥи да кэми көрдөрөр айымньыларыгар үчүгэй төрүттээх дьоҥҥо утумнааһын күүскэ көстөрүн уонна салҕанан бара турарын тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Одьулуун – улуу Чыҥыс-Хаан ийэтэ

Дьахтар уобараһа суру­йааччы айымньыларыгар наһаа элбэҕэ суох, үксүгэр кини анала – эр киһиэхэ өйөбүл буолуу. Дьахталлар уобарастарын ортолоругар сүрүн миэстэни Ийэ уобараһа ылар. Суруйааччы «Чыҥыс-Хаан ыйаа­ҕынан» арамааныгар Одьулуун оҕо эрдэҕиттэн уратытын, дьикти аналлааҕын туһунан этэр. Кини кэрэ быһыытын-та­һаатын, номоҕон дьүһүнүн кырдьаҕастар бэлиэтии көрөллөр. Кэрэ кыыс дэҥҥэ үөскүүр талыы сылгы курдук бүтүн уус киэн туттуута, баайа буолар эбит. Уустар кыыстарын атын омуктарга ойох биэрэн, эйэлээх сыһыаны олохтуурга дьулуһаллар. Ону кыргыттар билэллэр уонна кытаанах аналларыттан төлөрүйэр кыахтара суоҕун эмиэ бэркэ өйдүүллэр.

Одьулууннаах Дьэһэгэй бэ­­йэ-бэйэлэрин көрөөт сөбүлэһэн дьиктитик холбоһоллор. Одьулуун эрдэттэн да олоххо бэйэтин миэстэтин өйдүүр, дьолун, тапталын туһугар туруулаһар кыахтаах кыыс буолара көстөр. Кини кыыс сылдьан, атын биис ууһугар кийиит буолаары айаннаан иһэн, Дьэһэгэйи көрөөт да таптыыр уонна кини анала буоларын өйдүүр. Кинилэр улахан уоллара Тэмичиин дьиктитик төрүүр, ып-ыраас хааннаах, ураты дьүһүннээх уол ытыһыгар бөлүөхсүбүт хааны тутан кэлэр, онон үөһээлэр ыйыыларынан төрөөбүт киһи буоларын би­­лэллэр.

Уолчаан, улахан оҕото буолан, ийэтэ эрэйи көрөрүн олус аһынара уонна киниэхэ куруук күүс-көмө буола сатыыра. Ийэ сааһырбыт тойон да уолун кытта уйаҕас сыһыаннааҕа көстөр: «Ийэтэ уолун умсары тардан ылан, сүүһүттэн сыллаан ылла уонна, хаһан эрэ кини оҕо эрдэҕинэ эйэргэстэҕинэ буоларыныы, баттаҕын имэрийбэхтээн ылла уонна көмүс чөҥкөйгө кымыс кутан биэрдэ». Ийэ аһа хаһан баҕарар минньигэс буоллаҕа. Чараас сүрэхтээх ийэ араас кыһалҕаҕа сылдьар уолун аһынар. Одьулууну Хотун-Хаан диэн ааттыыллар, кини кийииттэрин эмиэ үөрэтэр, кэнэҕэски өттүгэр Хотун-Хаан буоларга үөрэтэр.

Ийэ суолтата

Тэмэчиин аҕата эрдэ өлөн хаалар, Одьулуун биэс уоллаах хаалан, эрэйи муннунан тэлэр, оҕолорун аччыктаппат туһугар мөхсөр. Ол да буоллар, кини онон эрэ муҥурдаммат, ийэ буолар аналын толорор күүстээх санаалаах, муударай дьахтар. Улахан биис уустарын кытта алтыһан, үтүргэҥҥэ сылдьан эрэйи элбэхтик көрсөллөр. Сэрииһит талааннаах уол кыайыы эрэ аргыстаах, онуоха ийэтэ киниэхэ бигэ тирэх буолар. Маннык ийэлээх буолан, уола улуу киһи буола үүнэр, историяҕа хаһан да умнуллубат суолун хаалларар. Кини уола аҕатын олоҕун салгыырын курдук үөрэтэр, иитэр-такайар. Ол курдук Тэмэчиин бэйэтин хаа­маайы харачай курдук туттуо суох­таах, кини үтүө киһи ыччата буолан, кыаҕын билинэн, тойон-сала­йааччы буоларга дьулуһуох­таах. 15 сааһын туолуутугар хаан солотун ылынарыгар этэн алгыыр. Чыҥыс-Хаан улахан чыыннаах сэрииһит, салайааччы да буолан олорон, тойоттору кытта быһаарсарын таһынан, ийэтин сүбэтин истэрин, кини муударай тылын-өһүн ылынарын наадалааҕынан ааҕар. Одьулуун атын норуоттары кытта сыһыаҥҥа үөрэтэр, барыларын аҥардастыы үүрэ сылдьыбакка, бэйэҕэ тардан, күүһү хаҥатынарга сүбэлиир: «Эһиги кинилэри күүскүтүнэн кыайбыккыт. Аны өйгүтүнэн, үтүөҕүтүнэн, уһун санааҕытынан баһыйыҥ». Ону таһынан ис эйгэтигэр (ис бэлиитикэҕэ) эмиэ болҕомтолоох буоларыгар, дьоно атын-атыннык дьаһамматтарын кэтээн көрөрүгэр, аймах дьонун өйүүрүгэр үөрэтэр: «Тас өстөөҕү кэтээ, үөрэт, суолун хай, ол эрээри, Ил ис туругун умнума». Кини уолун дьары­йар да түгэннэрдээх эбит. «Туох иһин хаан аатыраҕын? Барытын кэмигэр толкуйдуохтааххын, тугу да энчирэтиэ суохтааххын! – диэн Одьулуун өтөрү-батары эппитэ эрээри, эмиэ да бу түөрт уон түөрт саастаах, кыһыл бытыга сэбириччи үүммүт Тэмэчиинэ аны аныаха диэритин ийэтиттэн торуттан, умса көрөн олороруттан, кэмсинэ санаабыта». Кини уолугар ол-бу алҕас тахсыа суох­тааҕын туһунан кытаанахтык этэр: «Барытын билэр, истэр, сэрэйэр кыаҕым да, иллэҥим да суох диэн аһарына сатыаҥ эрээри, Хаан олох уйгутун, тутулун хамсатыахха айылааҕы барытын хараҕын далыттан таһаарыа суох­таах, эрдэттэн билиэх, истиэх тустаах…» «Сөпкө этэҕин ийээ», – диэтэ Тэмэчиин. Ийэтэ кыыһыран суоһурҕанарын эмиэ өйдүүр: «Ийэтэ кини диэки хайыспата, кырыыбалыы соҕус иэдэс биэрэн, туора көрөн хамсаабакка саҥата суох олорор». Тойон да ийэттэн төрөөтөҕө, кини да дьарыллар киһилээх буоллаҕа. Ол эрээри уоллаах ийэ үксүгэр уопсай тылы булаллар.

Одьулуун ол-бу иэдээн тахсан хааллаҕына, үүнэн эрэр ыччаттарын харыстыыр сыалтан тэ­­йиччи, ыраах хоту диэки көһөн биэрэн саһарга этии киллэрэр. Дьоно-сэргэтэ кини эрдэттэн инникитин өтө көрөрүн, дириҥ ис түгэхтээх өйдөөҕүн сөҕөллөр. Онуоха Тэмичиин маннык этэр: «Биһиги Ийэбит дьиҥ-чахчы улуу киһи. Ити кини эппитин уу-­хаар тылынан убатымыаххайыҥ… Кэнэҕэһин-кэнэҕэс үгүс кэлэр ыччакка Ийэбит туһунан кэп­сиэхпит буоллаҕа…» Улуу киһини иитэн таһаарбыт Ийэ аата историяҕа бигэтик киирэн сырыттаҕа.

Одьулуун уолаттарынан киэн туттар, кинилэр ситиһиилэринэн дьоллонор: «Эһиги үтүө ааккыт, үрдүк чыыҥҥыт, солоҕут мин киэн туттуум… Ол эрээри ыччаттаргытын мин эһигини ииппитим-такайбытым курдук бары аймаҕы-билэни билинэр, өйдүүр, хардарыта тардыһар гына иитээриҥ. Барыбыт бигэ тирэхпит ол буолуо…»  Одьулуун былыргы төрүппүт үөрэҕин, Алан Куо тылларын олоххутугар туту­һаарыҥ диэн кэриэһин этэр. Кырдьаҕастар эдэр огдообоҕо Одьулууҥҥа олоххун дьоһуннук олордоххуна, Дьэһэгэйгин кытта көрсүөҥ диэн этэллэр. Оннук да буолар, тиһэҕэр Дьэһэгэй икки аттаах кэлэн Одьулуунун илдьэ барар…

Ийэ оҕолорун олоҕор суолтата улахан. Арамаан саҕаланыытыгар ааптар дириҥ ис хоһоонноох үһүйээни кэпсиир. Алан Куо, эмиэ биэс уоллаах ийэ, оҕолоругар кэриэс тылын этэр – куруук бэ­­йэ-бэйэҕитин өйөһүҥ, биир санаа­лаах, эйэлээх буолуҥ диэн. Биэс тарбах холбоһон күүстээх сутурук буолар, биир талаҕы тоһутуохха сөп, оттон биэһи кыайар ыарахан буолуо. Ол эрээри уолаттар ийэлэрин тылын истибэттэр, дьол көрдөһө арахсан хаалаллар. Ыарахаттары көрсөн эрэ баран, ийэлэрин тылын өйдүүллэр. Ити үһүйээни умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһэллэр эбит.

Ол курдук Ийэ оҕолоругар олоҕу эрэ биэрэр аналлаах буол­батах, кини оҕолорун олохторун тухары күн курдук сыдьаа­йан арыаллыыр, көмөлөһөр, сүбэ-­ама буолар. Киһиэхэ эрэ саамай чугас киһитэ буолар, ийэ тапталыгар тэҥнээх бу күн сиригэр суох диэн этэллэр.

Н.Лугинов оҕо уонна төрөппүт сыһыаннарын, Ийэ киһи олоҕор ылар суолтатын уус-­уран үрдүк таһымнаахтык ойуу­лаан көрдөрөн, ааҕааччылар интэриэс­тэрин тарпыта. Саха литэрэ­тиирэтигэр Ийэ маннык сүбэ-­ама буолан, оҕотун кытта дириҥ сыһыанынан, күүстээх санаатынан историяҕа бэйэтин суолун-­ииһин хаалларбыт улуу киһини иитэн-такайан таһаарбыт атын уобарас суох быһыылаах.

Варвара Окорокова.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago