Ааҕааччыларга “Саха суруйааччыларын айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕабыт» саҥа бырайыак туһалаах уонна сонун, болҕомтону тардар. Бу бырайыак иитинэн суруйааччы Николай Лугинов «Чыркымай» кэпсээнин оҕолор «Эйэ” искибиэрин күөлүгэр олорон иһиттилэр.
Улаханнык сэргээтилэр, астыннылар. Ыйытыылары биэрдилэр. Сибиэһэй салгыҥҥа, кустар уста сырыттахтарына бу кэпсээни истэр уратытын, киһи сүрэҕэр ордук чугастык ылынарын бэлиэтээтилэр.
Ол курдук, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ сөбүлээн сынньанар миэстэлэрэ «Эйэ» искибиэрэ буолар. Ордук улахан болҕомтону фонтаннаах «Тарылҕан» күөлгэ уста сылдьар кус арааһа ылар. Онон манна ким баҕарар үөрэ-көтө кэлэр, астына-дуоһуйа сынньанар.
П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ «Саха суруйааччыларын айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕабыт» бырайыагын анаан-минээн бу күөл кытыытыгар сынньанар ыскамыайкаларга ыытта. Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыркымай» диэн оҕолорго кэпсээнин ааҕарга табыгастаах, кус-хаас эйгэтигэр ордук интэриэһинэй буоллун диэн тэрийдэ. Семен Данилов оскуолатын «Олимпиада сайыҥҥы оскуолата» лааҕыр оҕолоругар «Сыккыс» литературнай түсүү чилиэнэ Родион Саввинов суруйааччы кэпсээни ааҕан баран айымньы ис хоһоонун, оҕолор билбэт тылларын быһаарда. Бэл диэтэр, кустар күөлтэн тахсан интэриэһиргээн истэргэ дылы буоллулар.
Салгыы Бэрдьигэстээх бэтэринээринэй управлениетын исписэлииһэ Степан Лукин оҕолорго дьиэ усулуобуйатыгар кустары сөпкө көрүү-харайыы быраабылаларын, кустар туох уратылаахтарын кэпсээтэ, быһаарда, ыйытыыларыгар хоруйдаата. Онон оҕолорго туһалаах күн ааста.
Лена Саввинова, бибилэтиэкэр.
Бэрдьигэстээх, Горнай.
Хаартыскаларга Айталина Санникова, Алиса Жиркова түһэриилэрэ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038