Николай Лугинов уонна эдэрдэр куоластара
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал атырдьах ыйынааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ:
— Саха классик суруйааччыларын үгэстэрин салҕаабыт аныгы кэм бөдөҥ прозаига Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһынан Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай, литература, искусство, олоҥхо туһунан биһирэмнээх санааларын сэһэргиирин;
— Николай Лугинову Николай Лугинов оҥорбут айымньылартан биирдэстэрэ «Сэргэ» сэһэнин;
— Семен Маисов аныгы саха дьонун олоҕун ойуулуур «Дьолго дьулуһар буоллахха» романын саҥа түһүмэҕин;
— Үгэскэ кубулуйбут «Эдэрдэр куоластара» рубрикаҕа быйылгы Суоттутааҕы айар маастарыстыба семинарын кыттыылаахтара Валерий Андросов «Хайыһар», Сардаана Корякина «Төһө да эбээ буолларбын», Мааны Маарыйа «Күндү киһи» кэпсээннэрин, Анна Колосова саҥа остуоруйаларын, Мария Андреева «Сайын бүппэт ырыата», Римма Крылова «Бөлүүн эмиэ хоһооннорбор хоннум…», Оксана Васильева «Иннэм үүтэ – суохапчым», Сюзанна Кондакова «Ытыскар – күөх халлаан…» хоһооннорун бөлөҕүн;
— Саха сиригэр нууччалар кэлиилэрин, гражданскай сэрии сылларынааҕы кыһыл террор туһунан дьоһун историческай айымньылары суруйан хаалларбыт прозаик Василий Васильевич Скрябин-Идэлги төрөөбүтэ 80 сылынан доҕоро, норуот суруйааччыта Павел Николаевич Харитонов-Ойуку истиҥ ахтыытын;
— Үбү туһаныы үөрүйэхтэригэр «Инвестиция иирбэтин, уурунуу туһатын» туһунан баан үрдүкү кэрдиистээх үлэһитэ Афанасий Лугинов сүбэ-соргу биэрбитин.
— Ойуулуур-дьүһүннүүр музейдыын кыттыгас «Саха сирин үлэҕэ геройдарын галереята» рубрикаҕа бурдугу үүннэриигэ үрдүк кирбиини ылан Үлэ Геройа буолбут Николай Константинович Барамыгины худуоһунньук Евграф Михайлович Крылов ойуулаабытын таһаардыбыт.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: