Николай Лугинов уонна эдэрдэр куоластара

Share

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал атырдьах ыйынааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ:

— Саха классик суруйааччыларын үгэстэрин салҕаабыт аныгы кэм бөдөҥ прозаига Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһынан Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай, литература, искусство, олоҥхо туһунан биһирэмнээх санааларын сэһэргиирин;
Николай Лугинову Николай Лугинов оҥорбут айымньылартан биирдэстэрэ «Сэргэ» сэһэнин;
Семен Маисов аныгы саха дьонун олоҕун ойуулуур «Дьолго дьулуһар буоллахха» романын саҥа түһүмэҕин;
— Үгэскэ кубулуйбут «Эдэрдэр куоластара» рубрикаҕа быйылгы Суоттутааҕы айар маастарыстыба семинарын кыттыылаахтара Валерий Андросов «Хайыһар», Сардаана Корякина «Төһө да эбээ буолларбын», Мааны Маарыйа «Күндү киһи» кэпсээннэрин, Анна Колосова саҥа остуоруйаларын, Мария Андреева «Сайын бүппэт ырыата», Римма Крылова «Бөлүүн эмиэ хоһооннорбор хоннум…», Оксана Васильева «Иннэм үүтэ – суохапчым», Сюзанна Кондакова «Ытыскар – күөх халлаан…» хоһооннорун бөлөҕүн;
— Саха сиригэр нууччалар кэлиилэрин, гражданскай сэрии сылларынааҕы кыһыл террор туһунан дьоһун историческай айымньылары суруйан хаалларбыт прозаик Василий Васильевич Скрябин-Идэлги төрөөбүтэ 80 сылынан доҕоро, норуот суруйааччыта Павел Николаевич Харитонов-Ойуку истиҥ ахтыытын;
— Үбү туһаныы үөрүйэхтэригэр «Инвестиция иирбэтин, уурунуу туһатын» туһунан баан үрдүкү кэрдиистээх үлэһитэ Афанасий Лугинов сүбэ-соргу биэрбитин.
— Ойуулуур-дьүһүннүүр музейдыын кыттыгас «Саха сирин үлэҕэ геройдарын галереята» рубрикаҕа бурдугу үүннэриигэ үрдүк кирбиини ылан  Үлэ Геройа буолбут Николай Константинович Барамыгины худуоһунньук Евграф Михайлович Крылов ойуулаабытын таһаардыбыт.

Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago