Николай Макаров: Ытык сирбитин араҥаччылыаҕыҥ
«Улахан киһи» аатыран бастакыбын оттоһо барбыт сылбар, абаҕабын кытта биир дьикти ааттаах алаас үрдүнэн айаннаан иһэн, «бу дойду тоҕо маннык ааттаммытай?» диэн ыйытааччы буоллум. Кырдьаҕас аймаҕым истибэтэҕэ буолбутуттан дьиктиргээбитим эрээри, хат туоһуласпатаҕым. Ол сиртэн балай да ыраах тэйэн баран абаҕам «тукаам, кырдьаҕас ытык сирдэр ааттарын дорҕоон таһааран ааттыыр аньыы, ордук сиргэ бэйэтигэр сылдьан дьиҥ аатын саҥарар бобуулаах, ону долоҕойгор хатаа!» диэн үөрэтэн турардаах. Ити курдук, «ытык сир» диэн өйдөбүлү аан маҥнай истибитим быһыылаах.
Ытык сир диэн тугуй?
Дойду аайы уос номоҕор киирбит сирдэри дьон атын сирдэртэн чорботон ааттыыр, туспа сыһыаны ирдиир. Ол эрэн, аныгы киһи үксэ ытык сир ис суолтатын, туох ханнык сиэри-туому тутуһуохтааҕын чопчу билбэт. Аны туран, билигин сир барыта туспа тутуллаах (статустаах, онтукатыттан эрэ көрөн туһаныахха сөп. Дьиэ туттарга, ходуһа курдук туттарга, сир баайын хостуурга анаммыт сирдэр сокуон, кадастр нөҥүө тутуллаллара быһаарыллар.
Оттон ытык сирдэри сокуон туспа тутуллаан харыстыыр дуо? Бу туһунан СӨ Култуура уонна устуоруйа өйдөбүнньүктэрин харыстыыр департамент салайааччыта Николай Макаровтан туоһуластыбыт.
— Николай Афанасьевич, “Ытык сир” диэн өйдөбүл эбэтэр киниэхэ чугас өйдөбүл федеральнай эбэтэр өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар баар дуо?
— «Ытык сир» диэн саха өйдөбүлүн көнөтүк тылбаастаан дьүөрэлээтэххэ, ордук нууччалыы «Сакральная (священная) земля (территория)» диэн өйдөбүлгэ чугас курдук. Ол гынан баран, «сакральная», эбэтэр «священная земля» диэн өйдөбүллэр уопсай туттууга эрэ бааллар, сокуон хараҕынан көрдөххө, туспа быһаарыллыылара суох. Биһиги туттар «Ытык сир» эбэтэр «Ытык кэрэ сир» диэн өйдөбүллэрбит култуура уонна устуоруйа өйдөбүнньүктэрин харыстыыр сокуоҥҥа «достопримечательное место» диэн, оттон айылҕаны харыстыыр сокуоҥҥа «особо охраняемая природная территория» диэн ыйылла сылдьаллар. Ол, биллэн турар, Ытык сирдэри быһа тутан, арааран харыстыырга кэккэ уустуктары үөскэтэр. Холобур, «достопримечательное место» диэн өйдөбүлгэ сокуон этэригэр сөп түбэһэр туох-баар устуоруйаҕа, култуураҕа сыһыаннаах – туох эрэ улуу дьайыы буолбут сирэ, ытыктанар дьон олорбут сирдэрэ бары киирэллэр. Ол курдук, билигин Саха сирин үрдүнэн «достопримечательное место» диэн тутуллаах 47 сир баар. Ол эрэн, онтон 22-тэ гражданскай сэриигэ кыһыллар диэки сэриилэһэ сылдьан охтубут дьон, эбэтэр кинилэр бастаанньаһыттары кыайбыт сирдэрэ буолаллар.
Сокуоҥҥа “система особо охраняемых природных территорий Республики Саха (Якутия)” диэн Саха сиригэр култуураҕа, эстетикаҕа, рекреацияҕа уонна дьон сынньалаҥын тэрийэргэ суолталаах айылҕа комплекстарын уонна ландшафтарын ааттыыллар. Бу систиэмэҕэ ытык сир диэн ааттыахха сөптөөх сирдэри киллэрэр сатаммат дуо?
Ити ыйыллыбыт систиэмэҕэ сүрүннээн айылҕа кэрэ сирдэрин кытта сибээстээх сирдэр тустарынан өйдөбүл бэриллэр. Заповедниктар, айылҕа пааркалара, эриэккэс кыылы, үүнээйини харыстыыр резерваттар уо.д.а. киирэллэр. Оттон биһиги департамеммыт киһи-аймах уруккутун-хойуккутун кытта сибээстээх, Саха сиригэр олорор омуктар ытыктыыр, сүгүрүйэр сирдэрин харыстыыр туһугар үлэни ыытар. Бу икки өйдөбүллэр омос көрдөххө майгыннаһар курдуктар эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, сокуон хараҕынан көрдөххө, туспа сыаллаах-соруктаах хайысхалар.
— Туох үлэ ыытылларый? Туймаада хочотун тула дьон ытык сир диэн ааттаан харыстаан сыһыаннаһар сирдэрэ элбэхтэр. Бу сирдэр сокуон өттүттэн харыстаналлар дуо, туох эрэ араҥаччыланар тутуллаахтар дуо?
— Туймаада хочотугар билигин харыстанар сирдэринэн Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр баар 16 учаастак буолар. Олор бары кэриэтэ саха омук төрүт киһитинэн ааттанар Эллэйи, кини сыдьааннарын кытары сибээстээхтэр. Бу сирдэр сокуонунан харыстаналлар. Кэнники даҕаны үһүйээннэргэ киирбит, устуоруйа уонна култуура өттүнэн суолталаах сирдэри харыстанар сирдэр испииһэктэригэр киллэрэн иһэр былааннаахпыт.
Ол эрэн реестргэ «харыстанар сир» статуһа суох учаастактары кытта үлэлэһэр билиҥҥи сокуоннарбытынан кыаллыбат. Онон туспа ньымалары көрдүүбүт. Холобур, айылҕаны харыстыыр сокуоннары туһанан араҥаччыланар сир быһыытынан биллэрэр табыгастаах курдук.
— Атын улуустарга ытык сирдэри араҥаччылыыр үлэ ыытыллар дуо? Өрөспүүбүлүкэ бу диэки туох эрэ туспа үлэни ыытара буолаарай?
— Биһиги департамеммыт Нам, Чурапчы, Өлөөн улуустарын дьаһалталарын кытта бу хайысхаҕа бииргэ үлэлииргэ кэпсэтиилээхпит. Салгыы атын улуустары кытта ытык сирдэри харыстааһыҥҥа үлэлэһэр былааннаахпыт. Ытык сирдэри көрөр-харайар үлэ туспа ирдэбиллэрдээх. Бастатан туран, ол устуоруйа уонна култуура өттүнэн эспэртиисэ ыытыллыахтаах. Бу элбэх ымпыктартан-чымпыктартан турар үлэ, кылгатан эттэххэ, эн Ытык сиринэн биллэриэхтээх сиргин уруккутун-хойуккутун үөрэтэҥҥин, туспа тутул иҥэриллиэхтээх диэн дакаастыахтааххын. Ону эн бэйэҥ буолбакка, Арассыыйа Култууратын министиэристибэтиттэн анал аттестациялаах эспиэрдэри кытары кэпсэтэн, үлэлэһэн аак оҥортороҕун. Ол кэнниттэн сир кыраныыссатын быстарыы, хаһаайына ким буоларын быһааттарыы уо.д.а. уһун унньуктаах үлэ барыахтаах. Бу бэрт уустук уонна уһун үлэни ылбычча биир киһи оҥороро уустук. Улуус, нэһилиэк дьаһалталара, эспиэрдэр, кыраайы үөрэтээччилэр уонна, биллэн турар, култуура уонна устуоруйа өйдөбүнньүктэрин харыстыыр Департамент кыттыһан үлэлээтэхпитинэ кыайыллар.
— Николай Афанасьевич, тус бэйэҥ ытык сир диэн өйдөбүлгэ туох сир-уот киириэн сөбүй дии саныыгын? Бу сирдэргэ хайдах сыһыан олохтонуохтааҕый?
— Ытык сир диэн Саха сиригэр олорор норуоттар устуоруйаларын, култуураларын кытары сибээстээх сирдэр ааттаналлар, эбэтэр, айыыларга сүгүрүйэр, улуу өбүгэлэрбит төрөөбүт-үөскээбит, көмүс уҥуохтара хараллыбыт, бэлиэ түгэннэр буолбут онтон да атын сирдэр киирэллэр.
Быһата эттэххэ – дьон ытыктыыр, сүгүрүйэр сирдэрэ куруутун харыстаныллыахтаахтар, үйэлэргэ тыытыллыбат, алдьатыллыбат тутулунан араҥаччыланыахтаахтар.
Эбэн этиэм этэ — Ытык сирдэр норуоту тумэр, көҕүлүүр, биир кэлим устуоруйалаах, билиҥҥи кэмнээх уонна инникилээх буоларбытын кэрэһилииллэр. Ол быһыытынан билигин үгүс киһи мустан Ыһыах ыһар, алгыс түһэрэр сирдэрэ, кэмэ кэллэҕинэ, ураты харыстанар сирдэр буолуохтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: