Салгыы
Николай Местников: «Арассыыйа инникитин талабыт»

Николай Местников: «Арассыыйа инникитин талабыт»

14.03.2024, 22:20
Бөлөххө киир:

Сарсын, кулун тутар 15 күнүттэн 17 күнүгэр диэри, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыахпыт. Быыбар туһунан бэйэтин санаатын «Сайдыы» издательскай социальнай тэрилтэ салайааччыта, СӨ социальнай харыстыбалын үтүөлээх үлэһитэ Николай Местников үллэстэр:

— Кулун тутар 15 күнүттэн 17 күнүгэр диэри биһиги дойдубутугар саамай сүрүн политическай событие – Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара буолар. Биһиги куоластыырбытыттан дойдубут инникитэ тутулуктаах.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара биһиги судаарыстыбабыт туруктаах буоларыгар, ордук чуолаан, билиҥҥи аан дойду таһымыгар үөскээбит тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга улахан суолталаах быһаарыныы буолар. Онон бары биир киһи курдук быыбарга кэлэн тустаах гражданскай соруккутун толорон, дойдугутугар туһааннаах лиидэри талыҥ.
Маннык суолталаах быһаарыныы эһигинэ суох ылыллыбат. Хас биирдии куолас олус улахан суолталаах. Ханнык баҕарар киһиэхэ куолас биэрэргитигэр эһиги бэйэҕит санааҕытын этэҕит.
Бүтүн дьиэ кэргэнинэн Арассыыйа инникитин талабыт – оҕолорбут, төрөппүттэрбит, чугас дьоммут иникилэрин!

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: