Быйыл Николай Неустроев аатынан литературнай бириэмийэни драматург, суруйааччы Утум Захаров ылла. Бу бириэмийэни «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация олохтообута, эдэр, кэскиллээх ааптардарга бэһис сылын бэриллэр.
Бу иннинэ бириэмийэни Харыйалаах Уола, Надежда Ильина, Василий Рожин, Анатолий Храмов ылбыттара. Бириэмийэ 100 тыһыынча солкуобай харчылаах.
Бириэмийэ лауреатын хамыыһыйа быһаарар, манна ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин э.т. Владислав Доллонов, Литературнай түмэл дириэктэрэ, норуодунай суруйааччы Николай Лугинов үлэлээтилэр.
2025 сылга саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев төрөөбүтэ 130 сыла буолар. Онон кини үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэрин кэпсэтэр сүбэ мунньахха Н.Неустроев аатын сүгэр «Смарт» бибилэтиэкэҕэ бириэмийэни туттардылар.
— Эһиил саха литературата төрүттэммитэ 125 сылын, Николай Неустроев төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиэхпит. Онон эдэр суруйааччыларга туттарыллар бириэмийэ Судаарыстыбаннай бириэмийэ буоларыгар баҕарабыт. Атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэри ылан көрдөххө, татаардар Муса Джалиль аатынан, башкирдар Шайхзады Бабич аатынан, казахтар Жалын бириэмийэлэри туттараллар. Бу эдэр ааптардар өссө да элбэҕи айыахтара-суруйуохтара турдаҕа. Онон кинилэргэ эрэнэн туран, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуон баҕарабыт, — диэн Гаврил Андросов эттэ.
Ыспыраапка:
Утум Захаров Тааттаттан төрүттээх, юрист, археолог-этнолог идэлээх. «Коркин. Андаҕар», «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» драмалара Саха тыйаатырын сыанатыгар турбуттара. Хас да пьесалаах. 2019 сыллаахха Арассыыйа биллэр драматура Вячеслав Дурненков маастар-кылаастарыгар, айар лабораториятыгар үөрэммитэ.
Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…
Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…
Билиигин-көрүүгүн хаҥат. Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…
Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…
Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…
Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…