Олунньу 13 күнүгэр Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур мунньаҕа буолан ааста. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр отчуоттуур дэлэгээссийэ уонна олохтоохтор сахалыы таҥаһынан симэннилэр, оттон мунньах кыттыылаахтара алаадьылаах, саламааттаах көрүстүлэр. Чакырдар үгүс ыйытыыларын сурук нөҥүө биэрдилэр, киэҥ хабааннаах кыһалҕалары таарыйдылар: хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү, тыа сирин ипотеката, ынах төбөтүгэр субсидия ымпыга, «миграннар» кэлиилэрин хааччахтааһын, бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата.
«Балбаах сокуона тоҕо көтүрүллүбэтий?», – диэн ыйытык хас дэриэбинэ ахсын көтөҕүллэр. Бастакы микрофону күөрэтэн туппут Николай Григорьев ыйытык биэрдэ: «Сиҥнэр эмпэрэни тохтотор туһугар ноһуому онно кутуохха сөп дуо?». Оччотугар «Балбаах сокуона» этэринэн, киһи-сүөһү таһаарар отхуода барыта анал полигоҥҥа кутуллуохтаах, онон туспа сиргэ сүөкүүр сатаммат диэн хоруйданна. Ону таһынан, кэтэх хаһаайыстыбаҕа тахсар ноһуому анаалыстаммытын кэннэ биирдэ уоҕурдуу быһыытынан ааҕыллар буоларын бэрээдэгин улуус исписэлииһэ быһааран кэпсээтэ.
«Тоҕо миллиардынан суумалаах харчы тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүнүгэр ыытылларын үрдүнэн, сүөһү ахсаана аҕыйыырый? Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 400 тыһ. тахса сүөһү төбөттөн 158 тыһ. тиийдибит», – диэн Чурапчыга эмиэ элбэхтик көтөҕүллэр ыйытыыны Николай Неустроев биэрдэ.
«Ыччат тыа сиригэр төннөрүгэр ханных дьаһаллар ылыллалларый?», – диэн иккис ыйытыытыгар туоһуласта. Ыйытыыга Экэниэмикэ миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Аргунова хоруйдаата: «Саха сиригэр үгүс сүөһү кэтэх хаһаайыстыбаҕа көрүллэр. Сүөһү уопсай ахсааныттан 58,3% кэтэх хаһаайыстыба илиитигэр баар. Билигин, ити этэргит курдук, дьон кырдьар, ыччат хаһаайыстыбаны салҕыан баҕарбат, онон ыал сүөһүтүн эһэр туруктанар. Тыа хаһаайыстыбатыгар ыытыллар үп-харчы үгүһэ тыа сирин олохтоохторун дохуоттарын үрдэтиигэ ыытыллар».
Улуус баһылыга Степан Анатольевич Чурапчыга кэтэх хаһаайыстыба өлүүтүгэр 75% сүөһү киирэр диэн эттэ. «Кээпэрэтииптэри сайыннарыы сүөһү ахсаанын харыстыырга, элбэтиигэ тиэрдиэн сөп. Ол диэки хаамыахха!», – диэн кини эбэн эттэ. Ыччаты тыаҕа хаалларыы боппуруос уустук, билигин даҕаны чопчу «ырысыаба» суох, көстө илик, элбэх үлэни-хамнаһы ирдиир тыын кыһалҕа диэн дьүүллэһии буолла.
«Саха сирин усулуобуйатыгар сөбө суох үлэлиир федеральнай сокуоннары көннөрөргө үлэ ыытыллыахтаах», – диэтэ Иван Ануфриев, «Оннооҕор сылгы этин кытта бобор сокуон бырайыага киирбит быһылааҕа. Хайдах саха киһитэ сылгы этин сиэбэт буолуоҕай?». Түмүккэ СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллаах отчуота сүрүннээн сөптөөҕүнэн сыаналанна.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…
Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…
Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …