Николай Нутчин-Дьуур: «Эргиллиэм ийэкээм…»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут төрдүс кыттааччыта Николай Нутчин-Дьуур:

Эргиллиэм, ийэкээм…

Мин бардым ийэкээ, саадахпын сүгэммин,
Дойдубун,  оҕобун өстөөхтөн көмүскүү.
Ытаама ийэккээ,  эн миигин долгутан,
Хата эн эрэллээх буоларбар арчылаа.

Өстөөҕү өһөрөн мин төннөн кэлиэҕим,
Мин таптыыр астарбын астааҥҥын эн көрсөөр.
Дьоннорбун, эйигин ыксары кууһуохпун
Эн ону баҕаран үөһээттэн көрдөһөөр.

Мин бардым ытык иэс суолларын тутаммын
Ол эһэм сылдьыбыт ыллыгын хайаммын.
Саалаахтан самныбат санааны ылынан,
Охтоохтон охтубат оҥоһуу баар буолан.

Аймана ытаамаҥ,  таммаҕы тоҕумаҥ,
Кытаатыҥ,  тыйыстык, дьиппиэрдик туттунуҥ.
Дойдуну көмүскүүр удьуор хаан биһиэхэ,
Олоҥхо боотурун хорсуна биһиэхэ!

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

6 часов ago