Салгыы
Николай Нутчин-Дьуур ийэҕэ аналлаах хоһоонноро

Николай Нутчин-Дьуур ийэҕэ аналлаах хоһоонноро

27.11.2022, 16:00
Бөлөххө киир:

Бэйиэт Николай Нутчин-Дьуур олоҕун улахан аҥаарын оҕону иитиигэ анаабыт бастыҥ педагог, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, мэтэдиис учуутал, “Саха-Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үс оҕо амарах аҕата, хас да сиэн истиҥ эһэтэ. Хоһоон хонуутугар өссө отучча сыллааҕыта үктэммитэ эрээри, аҕыйах сылтан бэттэх Дьуур диэн аатынан киэҥник биллэр. Бүгүн, Арассыыйаҕа Ийэ күнүн иитинэн истиҥ, сылааһынан илгийэр, кыайыыга кынаттыыр хоһооннорун билиһиннэрэбит. Мантан сорохторо ырыа буолбуттара.

Дорообо ийэкээм барахсан

Кый ыраах дойдуттан ыытабын,

Олус да ахтыбыт саҥаҕын

Бу уйан эҕэрдэм тылларын.

Ийэкээ эн түүнүн ытаама

Сүрэххин ыарыта тыыныма.

Уолчааныҥ этэҥҥэ сылдьабын

Өстөөҕү самнара сырсабын.

Эн сылаас ытыскын суохтуубун

Баҕардым алаадьым  амтанын.

Балтыбын, бырааппын, аҕабын

Сүрдээҕин мин ахтар эбиппин.

Сотору тиийиэҕим ийэкээ

Сылаастык дьоннорбун кууһуоҕум.

Идэһэҥ этиттэн бэлэмнээ

Эт миинин мин ахтан иһиэҕим.

Харахпар бу тиллэн көһүннэ

Ийэкэм алаадьы кутара,

Итииттэн тэтэрбит иэдэһэ

Туллуктуу тунаарар былаата.

Муннубар бу баардыы билиннэ

Минньигэс алаадьым сыттара,

Кып-кыра мин дьиэбин тунуйа

Ийэккэм ырыатын кытары.

Ийэкэм алаадьы кутара

Алгыстаах тыллары сипсийэ,

Оһохпут кытары ыллыыра

Алаадьы амтанын амсайа.

Оҕо саас умнубат лоскуйа

Алаадьы сырылас ырыата,

Ийэкэм алаадьы кутара

Дуоһуйан ырыатын ыллыыра.

Хос ырыата

Ол баара барыта, ол баара

Ол дьоллоох оҕо саас чараҥар,

Алаадьым эргийэр оһоҕор

Ийэбит сып-сылаас хоонньугар.

Ийэкээм оонньообут мыраанын

Эниэтин устунан тэтэрэн,

Ньургуһун бөлөҕө сандааран

Долгуйа устара кэрэтиэн!

Ураты тэтэркэй өҥнөрө

Угуйар ньургуһун бөлөҕө,

Көрүөххэ-үөрүөххэ кэрэтиэн

Күн уота кытары сырдыгыан!

Ийэкэм төрөөбүт дойдутун

Улахан Муҥкуну ахтабын.

Мыраанын устунан хаамыахпын

Эмискэ бу сытан баҕардым.

Баҕардым үрэххэ кутуллар

Сыккыһын чырылыыр ырыатын,

Киэҥ тыаттан мутукча илгийэр

Минньигэс-минньигэс сыттарын.

Мин эһэм Өлөксөөн өтөҕөр

Баҕардым сынньана түһүөхпүн,

Ол онно ньургуһун бөлөҕөр

Хоһоонум тылларын айыахпын.

Мин ыраах айантан эргиллэн

Тэлгэһэм иһигэр киирэрим,

Күүлэтин ааныгар ийэкэм

Кэтэһэн турарын көрөрүм.

Илиитин мин диэки тоһуйан

Ийэкээм кэлэрэ бэдьэйэн,

Төбөбүн түөһүгэр кууһара

Сэрэнэ сылаастык сыллыыра,

Ахтыбыт сыттарбар умсарым

Хатыҥыр санныттан кууһарым,

Убаабыт суһуоҕун сыллыырым

Киирэрбит мичиһэ сиэттиһэн .

Ытыйбыт күөрчэҕин уурара

Лэппиэскэ тоһутан уунара,

Ахтыбыт мичээрин ыһара

Сонунун үллэстэн үөрэрэ.

Сыҥааҕын баттанан манньыйа

Аһыырбын дуоһуйа көрөрө,

Баттахпын оргууйдук ыһара

Киэн тутта мичээрдээн ылара.

Мин эмиэ кыратык атаахтаан

Кэпсиибин буолбаты үҥсэргээн,

Кыракый саастарбын санааммын

Ийэбэр атаахтаан ыларым.

Ийэкэм аттыбар буолларгын

Мичээрдээн мичийэ турдаргын,

Сып-сылаас ытыскын туттарбын

Аччаабыт бэйэҕин куустарбын.

Кыратык атаахтан ылларбын

Таптаабыт мичээргин көрдөрбүн,

Ол онтон тэптэрэн ырыабын

Эйиэхэ мин ыллаан ылларбын.

Ийэкэм аттыбар буолларгын

Маҥхайбыт баттахпын ыстаргын,

Эн сылаас ытыскын уурдаргын

Сылаастык эн сыллаан ылларгын.

Мунчаарбыт санаабын ыстаргын

Эрэнэ мичийэ көрдөргүн,

Мунаарбыт ыллыгым ороҕун

Оломун  булларан ыыттаргын.

Ийэкээм эн эрэ өйдүүрүҥ

Уолчааныҥ бу буккуур дууһатын,

Өрүүтүн сөптөөҕүн булларан

Айаҥҥа алҕааҥҥын ыытарыҥ.

Билигин аттыбар буолларгын

Сэҥээрэн эн истэн турдаргын,

Ол эрэ итэҕэс миэхэҕэ

Төһө да сааһырбыт эһэҕэ…

Арай мин алыптаах буолларбын

Аан дойдум үрдүнэн көттөрбүн,

Алдьархай ааннарын саптарбын

Амарах санааны ыстарбын…

Төгүрүк бу сирбэр эйэни

Көҕөрө-чэлгийэр күөх саады.

Өйдөһөр-өйөһөр көҥүлү

Олохтуом этэ мин хайаан да.

Арай мин аптааҕым буоллар дуу

Бар дьонум сүрэҕин эйэҕэ,

Түмэммин оо дьоллуом этэ дуу

Оо сирдиэм этэ дуу кэрэҕэ.

Төгүрүк бу сирбэр өрүүтүн

Үрүҥ күн эргиччи тыгыаҕын,

Эйэ дьол холууба көтүөҕүн

Олус да баҕарар эбиппин.

Истиҥник ийэбин кытары

Сэлэһэ түһүөхпүн баҕардым.

Эрэли иҥэрэр мичээри

Утары көрүөхпүн баҕардым.

Оҕолуу үҥсэргээн ылыахпын

Түһэҕэр төбөбүн ууруохпун.

Сымнаҕас ытыһын сылааһын

Бу эмиэ билиэхпин баҕардым.

Санаабын көтөҕөр тылларын

Уоскутар тапталлаах куоласпын.

Уйулҕам уоскуйан ылыаҕын

Туохтааҕар даҕаны баҕардым.

Билэбин бу туолбат баҕабын

Ыллыыбын сүрэҕим баҕатын.

Билэбин үөһээттэн көрөрүн

Оҕотун арчылыы алгыырын.

Ырыаттан санаатым ийэбин

Иһирэх истиҥ да мичээрин,

Мин олус ахтыбыт ытыспын

Ырыатын ол аптаах матыыбын.

Сүрэҕим долгуйа мөҕүстэ

Харахпар бу илэ көһүннэ,

Ыраахтан кэлэрбин кэтэһэ

Ийэкэм түннүккэ турара.

Былаатын уһугун мускуйа

Сэрэнэ бэдьэйэн кэлэрэ,

Түөһүгэр    сыһыары кууһара

Сүүспүттэн сык гына сыллыыра.

Ырыаттан мин көрдүм бэйэбин

Аттыбар суохтаабыт ийэбин,

Оҕо саас улааппыт уйатын

Ийэкэм бу кууспут сылааһын.

Үөрүүбүн-көтүүбүн үллэстэ

Аттыбар буолларгын ийэкээ.

Ахтыбыт сып-сылаас мичээргин

Кыратык мин көрөн ылларбын.

Мунчаарар мунаарар күннэрбэр

Ийэкээм аттыбар буолларгын.

Эн сылаас ытыһыҥ даҕайдар

Эрэли сипсийэ куустаргын.

Оҕолуу эн түөскэр сыстаммын

Атаахтыы,үҥсэргии түһүөхпүн,

Олус да баҕаран кэлэбин

Төһө да сааһыран бардарбын.

Үөрүүбүн-көтүүбүн үллэстэн

Искиттэн мичийбит мичээргин,

Киэн тутта сылаастык сыллыыргын

Баҕардым даҕаны, баҕардым…

Ийэкэм хараҕын ууларын

Чып кистээн тоҕуоҕун аһынан,

Дьаллыктан, омсоттон тэйбитим

Үөрэҕи батыһан барбытым.

Билэрим түннүккэ кэтэһэн

Кэлэрбин манаһан турарын,

Тоҥ күөһүн элбэхтик сылытан

Оһохтон түннүккэ тиэстэрин.

Соҕотох уолчаанын арчылаан

Аартыктаах суолунан барыаҕын,

Дьылҕаттан көрдөһөр буоларын

Билэрим, таайарым өрүүтүн.

Хас биирдии утуйбат түүннэрэ

Иэдэһин илитэр таммаҕа,

Сааһырдар, ыарытар ийэни

Харыстааҥ күндүнү, ийэни!

Уолчаанын атаара таҕыста
Арҕааҥы аартыгы кэтэһэ,
Оргууйдук өрүтэ тыынара
Сэрэнэн хараҕын сотторо.
Оо, эмиэ сэриибит күөдьүйдэ
Күн ийэ сүрэҕэ ытаата,
Уолчаанын сэриигэ атаарда
Эргиллэн кэлэрин алҕаата.

Ким да баҕарбат сэриини
Хара суор өлүүнү-сүтүүнү.
Ийэбит хараҕын ууларын
Эдэр уол кый ыраах барарын.
Баҕарар да этэ ол уолчаан
Ыллыыра кэрэни ыралаан,
Тапталлаах кыысчаанын көрсүөҕүн
Саҥа дьиэ туттунан киириэҕин.

Эргиллээр кыайыыны сүгэҥҥин
Эйэлээх олоҕу түстээҥҥин,
Көрсүөҕүҥ тапталлаах кыысчааҥҥын
Ыксары кууһуоҕуҥ ийэҕин.
Саалаахтан самныма уолчааным
Охтоохтон охтума хотойуом.
Арчылыыр иһирэх тылларым
Өрүүтүн сүрэххэр битийдин!

Ийэбин олустук таптыырбын
Аһынан мин кистээн ытыырбын,
Эрдэлээн эппэтэх эбиппин
Оҕотук санаабар тэптэрэн.
Таптыырбын сэрэйэ мичээрэн
Ийэккээм сылаастык кууһара.
Сүрэҕим ол онтон уйарҕаан
Сүр күүскэ долгуйа тэбэрэ.
Үлэтин чэпчэтэ сатааммын
Хортуоска буһаран үөрэрим,
Балыспын утутан ыллыырым
Иһинэн-таһынан сүүрэрим.
Ийэкэм хайҕаабыт мичээрин
Көрөммүн кыырайа көтөрүм,
Өссө да элбэҕи ситээри
Сүүрэрим мичээрин көрөөрү.
Ийэкэм махтаммыт мичээрин
Истиҥник сылаастык сыллыырын,
Эрдитэр сып-сылаас ытыһын
Билигин олуһун суохтуубун.
Эрдэлээн эппэтэх тылларбын
Оҕотук ол сэмэй тапталбын,
Хоһооммор хоһуйа тиһэбин
Ырыабар ыпсара ыллыыбын.

Ийэҕит түннүгэ уоттааҕар ыалдьыттааҥ
Ыллыга ол сүтүөн иннинэ сылдьаарыҥ,
Иллэҥ суох дэһэҥҥит аһардан кээһимэҥ
Ийэҕит түннүгэр олорон кэтэһэр.

Киирэҥҥит истиҥник сэлэһиҥ атаахтааҥ
Астаабыт астарын дуоһуйа амсайыҥ,
Олоххут-дьаһаххыт туһунан сырдатыҥ
Сүбэтин-аматын истиҥник сэҥээриҥ.

Ол онтон ийэҕит иһиттэн сандаарыа
«Туһалаах эбиппин» иһигэр үөрээхтиэ,
Сиэннэргэ кэһиитин ээр-сэмээр угаттыа
Сэрэнэн сэмэйдик алгыһын сипсийиэ.

Түбүгү арыый да тохтото түһэҥҥит
Ийэҕит түннүгэ уоттааҕар сылдьыҥ дуу,
Туртайбыт суһуоҕун сэрэнэн тараарыҥ
Таптыыргыт туһунан сипсийэн этээриҥ!

(Нууччалыыттан тылбаас).

Н.Дьуур.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: