Николай Пахомов: «Араҥаччы»
12.11.2022, 08:43
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 70-с кыттааччыта Дьокуускайтан Пахомов Николай Иванович:
Араҥаччы
«Доҕоччуок, табаҕыҥ баара дуу?»
Аптамаат тыаһыгар хоруйдуу
Ким эрэ сахалыы саҥарда,
Кэннибэр күлүгэ барыйда.
Кааската, синиэлэ атынын,
Кэһиэхтээх саҥата нарынын
Соһуйа мин көрөн турбутум,
Сэрэнэн табахпын ууммутум.
Түргэнник оборон бүппүтэ,
Табаҕым мөлтөҕүн сөхпүтэ,
Утары саппыйа биэрбитэ,
Маны тарт, мохуорка диэбитэ,
«Чэ, тоойуом, сэриилэс хоодуоттук,
Туруулас эйэни хорсуннук,
Биһиги кэс тылы эттибит,
Көмүскэл куйаҕын биэрдибит».
Саппыйа суругун көрбүтүм,
Сахалыы тыллартан үөрбүтүм,
Ким кэлэн барбытын сэрэйдим,
Кууспакка ыыппыппын кэлэйдим.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: