Николай Парников: “Дьиэбит сылаас, итии уубут баар, уоппут быстыбакка кэлиэн баҕарабыт”

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн пресс-кэмпириэнсийэ иитинэн ааһан эрэр сыл түмүгүн таһаарыаҕа. СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэтин министиэристибэтин иһинэн уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа уонна Саха сирин үтүөлээх энэргиэтигэ Николай Парников санаатын үллэһиннэ.

— Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата – тыын боппуруос, биһиги бары онтон тутуллабыт. Дьиэбит куруук сылаас, итии, тымныы уубут куруук баар буолуон, уоппут-күөспүт быстыбакка кэлиэн баҕарабыт. Ол туһугар күүскэ үлэлиир ирдэнэр.

Нэһилиэнньэ уот сыанатын ыарырҕатар. Сотору реформа буолаары турар. Маныаха Саха сиригэр уот төлөбүрүн сыаната ыараабатыгар, нэһилиэнньэҕэ субсидия көрүллүөн баҕарабыт.

Дьиэ-уот өртүн ылан көрдөххө, манна элбэх ыйытыылар баалларын быһааран иһэллэр. Ол гынан баран, алдьаныы-кээһэнии тахсыбатын, сыана үрдээбэтин туһугар күн ахсын илиини араарбакка дьарыктанар ирдэнэр. Холоур, хапытаалынай өрөмүөн харчытын ый аайы төлүү олоробут. Ол харчы 30-50 сылынан эргийэн кэлиэ дииллэрин дьон итэҕэйбэт, тоҕо бу үбүн сыллааҕы өрөмүөҥҥэ туһанар кыаллыбат диэн ыйытыылар үөскүүллэр. Тустаах боппуруоһу сөптөөхтүк быһаарыы эрэйиллэр, — диэн санаатын этэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Сергей Местников: «Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтиигэ соруктары туруорда»

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин тула…

39 секунд ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Байыаннай дьайыылар хаһан бүтэллэрин эрдэттэн таайар уустук»

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр РФ байыастара дьоруойдуу охсуһалларын бэлиэтээн эттэ…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин: «Фронт бары лииньийэтинэн кимэн киирии барар»

Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтигэр ТАСС суруналыыһа анал байыаннай дьайыы билиҥҥи хаамыытын хайдах сыаналыыгын, Кыайыы төһө чугаһый…

28 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэн Курскай уобаластан киирбит ыйытыыга хоруйдаата

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн үгэскэ кубулуйбут пресс-кэмипириэнсийэтин кытта сыл түмүгүн таһаарар. Киирбит ыйытыылар баһыйар…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин: «Үлэтэ суох буолуу муҥутуур намыһах көрдөрүүлээх — 2,3%»

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ саҕаланна.  Быйыл ыйытыылары түмэргэ аан бастаан "Сбер" "Гига чат" Оҥоһуу…

49 минут ago
  • Сонуннар

Валерий Николаев: «Ил Дархан соруктарын толорууга күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит»

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэннэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев…

50 минут ago