Салгыы
Николай Пономарев: «Омсолоох дьоруойу оонньуурбун сөбүлүүбүн»

Николай Пономарев: «Омсолоох дьоруойу оонньуурбун сөбүлүүбүн»

09.11.2024, 17:35
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта аҕай өрөспүүбүлүкэ дьоно сөбүлээн көрбүт «Хируурдар» диэн сэрийээл түмүктэннэ. «Саха» НКИХ устубут 17 сиэрийэтин устата көрөөччүлэр, омуннаан эттэххэ, иннэ үрдүгэр олордулар. Сэрийээл кэнниттэн ырытыһыы, мөккүһүү, санаа үллэстиитэ элбэх этэ. Ордук Виктор Федорович Пантелеев оруолун олус итэҕэтиилээхтик оонньообут
СӨ үтүөлээх артыыһа Николай Пономарев туһунан билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарбыттара. Биһиги кини Дьокуускайга сэрийээл туһунан кэпсэтиигэ уһулла кэлэ сырыттаҕына көрсөн кэпсэттибит.

– Николай Николаевич, эйигин элбэх көрөөччү «Хируурдар» сэрийээлгэ көрөн сөбүлээтэ, кэрэхсээтэ. Пантелеев оруолун итэҕэтиилээхтик оонньооч­чу артыыс дуу, артыыс буолбатах дуу диэн элбэхтик ыйыталаста.
– Махтал. Мин Артыыс уонна Куукула Нерюнгритааҕы судаарыстыбаннай тыйаатырыгар үлэлиибин, артыыс идэлээхпин. Билигин тыйаатыр туруорар (постановочнай) чааһын сэбиэдиссэйэбин.
Мэҥэ Хаҥалас Томторугар оскуоланы бүтэрээт да, Дьокуускайга култуура уонна ускуустуба училищетыгар ты­­йаатыр отделениетыгар киирбитим. Иккис сылбар аармы­йаҕа барбытым. Сулууспалаан кэлэрбэр үөрэммит отделением хайыы үйэ сабыллыбыт этэ. «Артыыс устуудьуйатыгар сүүмэрдээһин буола турар, онно холонон көр» диэн сүбэлээбиттэрэ.
Дьиҥэр, сорохтор курдук, артыыс идэтин оҕо эрдэхтэн дуу, оскуола саҕаттан дуу ыра санаа оҥостубатаҕым. Мин эһээм Алексей Андреевич Пономарев өрөспүүбүлүкэ бастакы борокуруора этэ. Былатыан Ойуунускайы кытары биир кэмҥэ алтыспыта, кэлин эрэпириэссийэлэнэн баран, 1956 с. реабилитацияламмыта. Эһээбит араспаанньатын илдьэ сылдьар мин эрэ баарбын (бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, икки эдьиий­дээхпин, мин кыраларабын). Ол иһин дьонум, эһээҥ туйаҕын хатарыахтааххын диэннэр, юриспруденцияҕа киллэрэ сатаа­быттара. Саха судаарыстыбаннай университетыгар устуо­руйа-юридическай факультекка туттарсан баран биир баал тиийбэккэ, сыыйыллан хаалбытым. Онтон култуура уонна ускуустуба училищетыгар киирэн, үөрэхпэр, идэбэр ылларан, артыыс идэтин сөбүлээн кэбиспитим. Ити 1996 сыллаахха этэ. Билигин Саха тыйаатырын артыыстара Айаал Аммосов, Иннокентий Луковцев, Ирина Никифорова, Сергей Баланов, Туйаара Свинобоева уо.д.а. буолан бүтэрбиппит. Нерюнгрига Артыыс уонна Куукула ты­­йаатырыгар ананан тиийбитим уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын.
Биһиги Нерюнгри куоракка соҕотох тыйаатырбыт, ол иһин дырааманы да, куукуланы да тэҥинэн оонньуубут. Сүүстэн тахса оруол­лаахпын. Үксүн доҕорбут Семен Ермолаев туруорууларыгар оонньоон кэллим, этэргэ дылы, сири-сибиири бараабыппыт. Б.Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” сыанаҕа ананан суруллубут олоҥхотунан режиссербут, тыйаатыр уус-уран салайааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэ­йэтэлэ Петр Скрябин испэктээк туруорбута. Ол иһигэр, Кыыс Кыскыйдааны, Сорук Боллуру уо.д.а. оонньообутум. Москваҕа «Кыһыл көмүс мааска» бэстибээлгэ кытта сылдьыбыппыт. Ити иннинэ, 1990-с сылларга, Алампа хоһоон­норунан “Киһи” диэн куукуланан испэктээги туруор­бута. Онно сүрүн эбэтэр кыра улахан оруол диэн суох.
2005 с. бу испэктээк Нацио­нальнай тыйаатыр бириэ­мийэтигэр уонна «Кыһыл көмүс мааска» бэстибээлгэ үс номинацияны: «Бастыҥ испэктээк», «Режиссер бастыҥ үлэтэ», «Худуоһунньук бастыҥ үлэтэ» ылбыта. Мин тиэкиһи ааҕааччы буолбутум.
– Ол аата, Артыыс уонна Куукула тыйаатырын артыыһа дэгиттэр дьоҕурдаах буолуохтаах?
– Артыыс хаһан баҕарар ханнык баҕарар оруолу оон­ньуохтаах, элбэх хайысхаҕа холонон көрүөхтээх.
– Нерюнгри көрөөччүтэ үксэ нуучча, онон нуучча тыллаах эрэ испэктээктэри туруораллара буолуо дии саныырбыт сөп дуу?
– Сөпкө саныыгын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги көрөөччүлэрбит сахалыы билбэт, нууччалыы тыллаах көрөөччүлэр. Ол иһин, үксүгэр нууччалыы оонньуубут, ол гынан баран, биир испэктээккэ икки тылынан саҥарабыт. Холобур, өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар гостуруол­га бардахпытына, сахалыы, оттон атын куораттарга нууччалыы тылынан оонньуубут. Өрөспүүбүлүкэ таһыгар араас бэстибээллэргэ, куонкурустарга эбэһээт сахалыы оонньуубут. Дьүүллүүр сүбэ, кириитиктэр «логика речи» истэллэр, син биир артыыс хараҕынан көрө сатыыллар.
– Артыыстан саҕа­лаан, туруоруу чааһын сэбиэ­диссэйигэр тиийэ үүммүт эбиккин. Кылгастык бу үлэҥ туһунан сырдаттахха?
– Ол аата сыанаҕа туох буоларыгар: тэрээһинигэр, уот-күүс, тыас-уус бэриллиитигэр, таҥастарга, реквизиттэргэ, куукулаларга барытыгар эппиэт­тиибин. Үлэһиттэрбит бэйэлэрин үлэлэрин кыайаллар. Кинилэргэ күүс-көмө буолабын уонна режиссеру кытта сибээһи олохтуубун. Ол быыһыгар аҕыйах оруолга оонньуубун.

Сэрийээлгэ улахан оруолга бастакы холонуу

– Киинэҕэ, сэрийээллэргэ үлэҥ хайдах, туохтан саҕаламмытай?
— Аан бастаан 2022 сыллаах­ха суруйааччы Даана Сард сценарийынан, «Саха» НКИХ сэрийээллэргэ сулууспатын туруорааччы-режиссера, култуура үтүөлээх үлэһитэ Елена Эверстова режиссердаах «Мин таптыыр спутнигым» сэри­йээл салҕыытынан буолбут «Күн кыыһа Күннэй» киинэҕэ силиэ­дэбэтэл оруолун оонньообутум. Онтон «Харчы» киинэҕэ бандьыыт оруолун толорбутум.
– Ол аата, элбэх артыыстан эйигин ала чуо бэлиэтии көрөн, ыраах сиргэ олорор, үлэлиир артыыһы ыҥырдахтара дии?
– Ол устуоруйата маннык этэ. Аан бастаан, уонтан тахса сыллааҕыта быһыы­лааҕа, документалист-режиссер, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иван Кривогорницын үөрэҕин бүтэрэригэр дьупулуомугар тэттик киинэни устуохтаах этэ. Онуоха: «Оруолга эйигин эрэ көрөбүн, кэлээр», – диэн ыҥырбыта. Нерюнгриттан ыкса күһүн, хаар түһэ илигинэ, кэлэн уһуллан барбытым. Ол кэнниттэн уһун кэмҥэ киинэ диэҥҥэ кыһаммакка сылдьыбытым, ким да ыҥырбат да этэ.
Киинэҕэ локация, устар сири-уоту уларытыы диэн баар. Дьокуускайбыт кыра, ол иһин режиссердар наар биир сиргэ усталларыттан хал буолаллар. Арай биирдэ «Detsat» диэн аатырбыт бырайыак ааптардара Өркөн уонна Шандор киинэ устар локацияларын уларытаары, Нерюнгрига тии­йэн кэлбиттэрэ. Миигин көрсөн «Сибэкки» диэн киинэҕэ оонньуурга ыҥырбыттарыгар сөбүлэспитим. Ол кэнниттэн Елена Эверстова: «Киинэ устар бырайыак­таахпын, онно кэлиэҥ дуо?» – диэн эрийбитэ. Миигин кэргэнэ Сергей Зверев сирдээбит этэ. Онтон ыла «Саха» НКИХ киинэ устар хамаандатын кытары чугас­тык алтыһан, доҕордоһон, бииргэ үлэлээбиппит. Быйыл олунньуга тэлэбии­дэнньэ сэри­йээллэрин сулуус­патын сала­йааччыта Марфа Пермякова эрийэн «саҥа сэрийээлгэ уһуллар кыахтааххын дуо?» диэбитигэр, «ээх» диэбиппин кул­гааҕым эрэ истэн хаалбыта. Тута сөбүлэспиппиттэн соһуйбута быһыылааҕа: «Туох ким-туох оруола буоларын ыйыппатыҥ дии», – диэбитэ. «Туох эрэ кыра оруол ини» диэбиппэр, «суох, сүрүн оруолу утары турааччы киһини оонньуугун» диэн быһаар­быта. Сценарийын тута ол киэһэ ыыппыттарыгар ааҕан баран олус сөбүлээбитим. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ тутуута акы­лааттан саҕаланар, ол аата, дьиэ инники туруга акылаатыттан тутулуктанар. Ол курдук, киинэ да, испэктээк да сценарийтан улахан тутулук­таах. Ол иһин, «Хируурдар» сэри­йээл сценариһыгар Катерина Григорьеваҕа-Кэрэмэс Сыдьаа­йыгар махтанабын. Оруолбун сөбүлээтим.
– Виктор Федорович Пантелеев курдук омсо­лоох дьоруойу, этэргэ дылы, наһаа «кыһыылаахтык», «абалаахтык» оонньоо­туҥ ээ? Итинник дьон чахчы баар буоллахтара дуу диэн көрөөччү итэҕэйэрин курдук уобараскын арыйдыҥ.
– Баҕар, бааллара да буолуо. Тоҕо диэтэххэ, эргиччи үчүгэй киһи диэн суох. Биһиги олохпутугар араас түбэлтэлэр тахсаллар. Киинэни туруорааччылар да, артыыстар да ону барытын уонна дьон майгытын көрө-билэ сылдьаллар. Дьэ, ол кэтээн көрүүлэриттэн, сылыктааһыннарыттан итинник уобарас айыллан хааллаҕа буолуо.
– Билигин эйигин уулуссаҕа төһө билэллэр?
– Билэллэр. Үгүстэр махтаналлар. Сорохтор оруолбун абаа­һы да көрдөллөр, үлэҥ буоллаҕа дииллэр.

Эргиччи үчүгэй киһи суох

– Артыыс сэрийээллэргэ уһулларыгар ардыгар сценарий тугунан түмүктэнэрин билбэккэ оонньуурун, иннин-кэннин буккуйа усталларын туһунан этээччилэр. Баҕар, сэри­йээли устуу уратыта онно сытара дуу. Оннук уһуллууга артыыс быһыытынан ыарырҕаппаккын дуо?
– Биһигини училищеҕа Ефим Николаевич Степанов, Симон Петрович Федотов курдук улууканнаах артыыстар үөрэппиттэрэ, такайбыттара. Артыыс оруолун хаамыытын сааһылыахтаах, туохтан эрэ саҕалаан баран ханна эрэ тии­йиэхтээх, сайдыахтаах уонна уларыйыахтаах. Оруол сайдарыгар үлэлэһэҕин. Миэхэ омсолоох персонаж ордук интэ­риэһинэй. Үчүгэй дьоруойу оонньуур олус ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, артыыс хааччахха киирэн хаалар. Биһирэмнээх дьоруой үчүгэй буолуох­таах, куһаҕаны оҥоруо суохтаах, арыгы испэт, табах тардыбат диэн өйдөбүл баһы­йар. Ол иһин, киэҥ далаа­һына сүтэн хаалар. Эппитим курдук, дьиҥэр эргиччи үчүгэй киһи диэн суох буоллаҕа. Оннук киһини айан оонньуур, кырдьык, уустук соҕус. Оттон куһаҕан киһи оруола хайдах да гыммытыҥ иһин, киэҥ да­­лааһыннаах. Режиссер көрүүтүттэн тахсыбатаҕыҥ да иһин, оонньуур артыыска быдан холку уонна интэриэ­һинэй буолар.
Билэргит курдук, сэри­йээл 1,5-2 чаас­таах киинэ буолбатах. Өр кэм устата, быста-быс­та, дьыл хас да кэмигэр уһуллуоххун сөп. Ол иһин, таҥаһыҥ эмиэ күн-дьыл хаамыытыттан улары­йар, ону барытын хаартыскаҕа түһэрэ сылдьар дьон баар. Мин, ыраахтан кэлэр киһи, таҥаспын барытын соһо сылдьарым сороҕор кыайтарбат этэ. Онон, уһулларбар сыыһа-халты таҥныы да кыралаан баар этэ… Нерюнгриттан 4-5-тэ кэлэ сылдьыбытым, кэккэ ыарахаттар бааллара. Ол эрэн, ты­­йаатырбыт дириэктэрэ Петр Труханович өйдүүр, өйүүр буолан, кэлэ турдаҕым.
– Сэрийээл өрөспүү­бүлүкэ доруобуйатын харыстыбылын сүрүн киинигэр – Мэдиссиинэ национальнай киинигэр уһулунна. Уһулла сылдьан мэдиссиинэ эйгэтигэр бэйэҕэр туох эмэ саҥаны арыйдыҥ, биллиҥ дуо?
– Суох кэриэтэ. Тоҕо диэтэххэ, быраастары кытары алтыспатаҕым. Оруолум оннук этэ, туораттан кэлэн уһуллар курдугум. Арай биир кыракый сыанаҕа алтыһан ааспытым. Ханнык баҕарар киинэҕэ, сэрийээлгэ консультант наада. Тоҕо диэтэххэ, биһиги атын эйгэ ымпыгын-чымпыгын билбэппит. Оччоҕо ол эйгэ дьонун кытары кэпсэтэн, алтыһан быһаарсаҕын. Биһигини «кэтээн көрүү күннүгэ» баар буолуохтаах диэн үөрэтэллэр этэ. Бастаан сурунар этибит, онтон өйгөр хатыыр буолаҕын. Оонньуур киһиҥ куолаһа хайдаҕын, дьоҥҥо сыһыанын бэлиэтэнэҕин. Холобур, учуутал куолаһа олох атын, наар үөрэтэн эрэр курдук саҥарар. Ол иһин, ханнык баҕарар үлэлиир эйгэҥ син биир эйиэхэ бэчээт уурар: туттаргар-хаптаргар, саҥараргар-иҥэрэргэр уо.д.а.

«Сэрийээли көрө иликпин»

– Сэрийээли тэлэбиисэргэ көрөн баран туох дии санаатыҥ?
– Оо бырастыы, биир да сиэрийэни көрбөтөҕүм. Сүрүнэ, үлэбин оҥордоҕум дии. Бу куоракка эрэ кэлэн бүтэһик сиэрийэни көрдүбүт. Баҕар, кэлин уоскуйа түһэн баран көрүөм, билигин омун-төлөн быыһыгар көрөр астыга суох курдук. Иккиһинэн, 1990-с сылларга «Дикая Роза», «Санта-Барбара» уо.д.а. «мыльнай опералар» бааллара дии. Олору испэр киллэрбэт этим, сэрийээл­лэргэ хаһан да оонньуом суоҕа дии саныырым. Арай биирдэ училищеҕа бииргэ үөрэммит, билигин аатырбыт режиссер Сергей Потаповы кытары «сэрийээллэр туохха да наадата суохтар, ускуустуба буолбатах» диэн мөккүспүтүм. Онуоха Сергей: «Сэрийээл кэмэ кэлиэ­ҕэ», – диэн өссө оччолорго уот харахха эппитэ. Кырдьык да, туспа хаамыылаах, туспа сокуон­нардаах көрүҥ баар буол­ла.
– Инникитин сэрийээлгэ, киинэҕэ ыҥырдахтарына оонньуоҥ этэ дуо?
– Бу кэлэ сылдьыым биир соругунан киинэҕэ уһуллуу буолар. Ол эрээри, билиҥҥитэ кистэлэҥ. Тоҕо диэтэххэ, саха киһитэ, айар киһи ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат, улаханнык саҥарбат. Уопсайынан, олохпор сахалыы сиэри-туому тутуһа сатыыбын. Оҕолорбун сахалыы ииппитим. «Нууччалыы-сахалыы саҥара сатаан буккуллаллар» диэн элбэхтик мөҕүллүбүтүм (Нерюнгрига саха оскуолата суох этэ), ол гынан баран, үс оҕом үһүөн сахалыы да, нууччалыы да саҥараллар.
Артыыс идэтин талбыппыттан хаһан да кэмсиммэтэҕим. Биирдэ эмэ «тыый, бу туохха наадаалааҕый» диэн быстах санааалар баар буолаач­чылар. Ол гынан баран, төһө эмэ бириэмэ ааспытын кэннэ толкуйдаан көрдөххө, иккис­тээн төрүүрүм буоллар, син биир артыыс буолуом этэ дии саныыбын.
Николай Николаевич, бириэмэ анаан кэпсэппиккэр махтал. Инникитин элбэх киинэлэргэ өссө да көрүөхпүт диэн эрэнэбит.

Николай Николаевич Пономарев:
-Артыыс уонна Куукула Нерюнгритааҕы тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа.
-Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 3 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
-1996 сыллаахха култуура уонна ускуустуба училищетыгар артыыс үөрэҕин бүтэрбитэ.
-1996 с. Артыыс уонна Куукула Нерюнгритааҕы тыйаатырыгар артыыһынан анаммыта.
-100-тэн тахса оруолга оонньоото.
-2020 сылтан испэктээги туруорар чаас сэбиэдиссэйинэн анаммыта.

+1
38
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: