Николай Потапов билиҥҥи кэм дьоруойа

Николай Потапов билиҥҥи кэм дьоруойа

25.06.2023, 10:00
Хаартыска Николай Потапов дьиэтээҕи архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «ExpoSkills» ИТ-оскуола уонна «Автономные технологии» хампаанньа төрүттээччитэ, «Цифровой Арассыыйа» федеральнай бырайыак уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ Николай Потапов «Хорсун быһыы» уордьанынан наҕараадаланна. Николай Тихоокеанскай флот муора пехотатын биригээдэтин мэдиссиинэ взводун хамандыырынан сулууспалаабыта.

Билигин Николай Потапов Владивосток куоракка госпиталга доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ эмтэнэ сытар. Биһиги дьоруойбут бу «Хорсун быһыы» судаарыстыбаннай наҕараадатын Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Павловкатыгар кимэн киириигэ дьоруойдуу уонна ураты хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин ылла.

Эйэлээх олоххо…

Николай Дьокуускай куоракка иллээх дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, дьоллоох оҕо сааһа ааспыта. Оҕо-оҕо курдук арааһы бары интэриэһиргиирэ. Ыччат кинигэни аахпат диир буоллахтарына, Николай фантастиканы, мүлчүргэннээх сырыылар тустарынан кинигэлэри сөбүлээн, умсугуйан ааҕара. Оҕо сылдьан Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдарын тустарынан историческай киинэлэри көрөрүн, кинигэлэри ааҕарын астынар эбит.

Өссө биир сөбүлүүр дьарыгынан үҥкүү буолара. Төрөппүттэрэ оҕо эрдэҕинэ үҥкүүгэ илдьибит күннэриттэн саҕалаан сөбүлээн дьарыктаммытын кэпсиир. Бары уолаттар курдук бэйэлэрин илиилэринэн пластилинынан саллааттары, онно сэрии сэбин оҥос­тон оонньууллара. Аны туран, аан дойду үрдүнэн биллэр фантаст суруйааччы Джон Толкин айымньыларын сөбүлээччилэр бөлөхтөрүгэр сылдьан элбэх киһини кытары билсибитэ, үгүс доҕоттордоммута.

Николай оскуоланы бүтэрэн баран Мэдиссиинискэй институкка үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын Иринаны көрсөн ыал буолбуттара. Ирина эмиэ быраас идэлээх. Эдэр ыаллар тапталларын туоһута уоллаах кыыс оҕолоохтор.

Байыаннай дьайыыга кыттыы

Николай Потапов байыаннай дьайыыга бэйэтин баҕатынан, дьонугар эппэккэ барбыт. Бэйэтэ билинэринэн, былырыын күһүн мобилизация саҕаламмытын үһүс күнүгэр — балаҕан ыйын 23 күнүгэр этэ. Билигин ол ааспыт кэми са­­наан хараастан ылар: «Ол кэмҥэ дьоммор эппэтэҕим, мобилизациянан барда дии санаабыттар этэ».

Николай аан бастаан хомуур пуунугар пааспарын, байыаннай билиэтин, суоппар дастабырыанньатын уонна миэдик үөрэҕин туоһулуур дипломун илдьэ барбыт. Кини

байыаннай дьайыыга чуолаан миэдик быһыытынан барарга санаммыт, тоҕо диэтэххэ, аармыйаҕа сулууспалыыр даҕаны эрдэҕинэ байыаннай миэдиктэр тиийбэттэрин билэр эбит.

Мантан бастаан Владивостокка 155‑с морской пехота биригээдэтигэр кылгас кэмнээх үөрэҕи ааспыттар. Онно тута анал таҥаһынан, саа сэбинэн хааччыйбыттар. Бөлөхтөрүнэн араартаабыттар, Николайы мэдиссинискэй взвод хамандыырынан анаабыттар, офицер оҥорбуттар. Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Волноваха куорат анныгар сытар биригээдэҕэ бөҕөргөтүү быһыытынан сыһыарбыттар. Кини инники кирбиигэ эвакуация этэрээтин хамандыырын уонна мэдиссиинэ взводун хамандыырын солбуйааччытын быһыытынан сылдьыбыт.

Бааһырыы уонна эргиллии

Павловкаҕа кимэн киирии бастакы күнүгэр олус элбэх киһи ыараханнык бааһыран, конвейер курдук үлэлээн барбыттар. Николай устудьуоннуу сылдьан «анатомкаҕа» уонна суһал көмөҕө үлэлээбитэ манна туһалаабыт.

Ол кэм туһунан, биһиги дьоруойбут, киһи үөрэнэн хаалар эбит, арай, уратыта — аттыгар субу-субу ракеталар түһэллэрэ диэн кэпсиир. Мин соругум — бааһырбыт байыастары быы­һааһын, бастакы көмөнү оҥоруу этэ диэн кэпсиир. Кимэн киирии сиригэр, артиллерия уот ардаҕын ортотунан бааһырбыт дьоммутун таһаарарга бронетехника киирэрэ уустук этэ. Бааһырбыттар олус элбэхтэрин иһин, эвакуациялаабакка, мэдиссиинэ блогун бүтүннүү кыргыһыы хонуутугар киллэрэргэ быһаарбыттар. Ол кэмҥэ өстөөх артиллерията сабыта ытыалаан Николай ыараханнык бааһырбыт.

Снаряд бытархайа Николай иһигэр, атаҕар уонна кааскатыгар түспүт. Оскуолак кааскатын хоппотох, атаҕар эмиэ бааһырыыта халымыр буолбут, оттон иһин бааһырыыта улахан эбит. Ол да буоллар, наһыылканан буолбакка, түөрт килэмиэтири бэйэтэ хааман, минометнай буурҕа-буулдьа аннынан төгүрүктээһинтэн тахсыбыттар.

Волновахаҕа бастаан анал мэдиссиинэ этэрээтэ эпэрээссийэлээбит. Үрдүк кылаастаах

хирурдар снаряд бытархайдарын ылҕаабыттар. Хирурдар улахан бааһырыылаах уонна хаана элбэхтик барбыт эрээри өлбөтөх, маннык бааһырыылаах киһи тыыннаах ордубат диэн соһуйбуттар. Бэйэтэ этэринэн: «Мин донорбын, аҕыста хаан туттарбытым, онон арааһа, ыарыытын улаханнык билбэтэҕим буолуо. Мэлдьи хаан туттара сылдьар буоллаххына, этиҥ хаан барарыгар үөрэнэр эбит».

Ыччакка анаан

– Олох эмискэ тосту уларыйыан сөп. Онон чугас дьоҥҥутун үөрдүҥ-көтүтүҥ, айыҥ-тутуҥ. Миигин кытары тэҥҥэ сылдьыбыт доҕотторбунан уонна билигин даҕаны Аҕа дойдуларын иһин байыаннай дьайыыга кытта сылдьар табаарыстарбынан киэн туттабын. Мин маннык хорсун-хоодуот дьону кытары билсибиппиттэн үөрэбин.

«Хорсун быһыы» уордьанын туттарбыттара — улахан чиэс-бочуот дии саныыбын. Мин Тихоокеанскай флот морской пехота Жуков уордьаннаах гвардейскай 155‑с биригээдэтигэр сулууспалаабыппынан киэн туттабын. Төрөппүттэрбэр уонна уһуйааччыларбар махтанабын. Ыччакка этиэм этэ, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буолуҥ. Бэйэҕит дойдугут туһугар кыһаллыҥ, көмөлөһүҥ!» , — диэн кэпсээтини түмүктээтэ».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 11°C
  • Ощущается: 9°Влажность: 43% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: