Салгыы
Николай Шемяков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Николай Шемяков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

18.07.2023, 20:30
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Эдьигээн национальнай оройуоҥҥа  үлэтин сүнньүнэн тиийэ сылдьан судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель Николай Шемяков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Бу 2023 сыл Эдьигээн оройуонугар Николай Шемяков 110  сааһыгар ананар. Кини аҕыйах норуоттар биир көстөр-биллэр уопсастыбаннай деятеллэрэ, Эдьигээҥҥэ стахановскай хамсааһыны көҕүлээччи, СССР үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата.

Николай Васильевич Шемяков 1913 сыллаахха Эдьигээн оройуонугар төрөөбүтэ. 1930 сыллаахха биир бастакынан холкуоска киирбитэ. Үлэтигэр үрдүк ситиһиилэрин иһин 1932 сыллаахха  үлэ ударнига ааты сүкпүтэ. 1935 сыллаахха бултааһыҥҥа стахановец аатын сүкпүтэ. 1939 сыллаахха Эдьигээн оройуоннаа5ы исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.

1953-1954 сылларга Николай Васильевич Эдьигээн оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта этэ. Салгыы 1955-1957 сылларга Саккырыыр оройуонун «Коммунизм» холкуоһун бэрэссэдээтэлэ этэ. Кини Үлэ Кыһыл Знамятын бэлиэтинэн уонна «Почетный полярник» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Тэрээһиҥҥэ бырабыыталыстыба чилиэттэрэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун дьокутааттара уонна Эдьигээн оройуонун салалтата, уопсастыбаннаһа кыттыыны ылбыттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: