Николай Софронеев-Куйаар Ньыыкас: “Саха сиригэр криотуризмы, тымныынан эмтэниини сайыннарыахха”

Share

Николай Софронеевы үгүстэр тохсунньу тоһуттар тымныытын аахсыбакка ойбоҥҥо сөтүөлүүр саха “муорсатын” быһыытынан билэллэр. Ол эрээри, биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр кинини авиатехник, тыйаатыр артыыһын, айылҕаттан айдарыылаах уйулҕаһыт быһыытынан көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.  

8-с кылаастан хаарынан суунуу

— Николай Николаевич, Саха сиригэр ойбоҥҥо сөтүө хаһааҥҥыттан саҕаламмытай, уопсайынан, устуоруйатын кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Тымныыга сөтүө саҕаламмыта быданнаата. Чурапчыга эмиэ элбэх киһи дьарыктанар. Тус бэйэм 2000 сыллаахха Дзержинскэй уулуссаттан 202-с түөлбэҕэ көһөн кэлиэхпиттэн тымныыга сөтүөлүүбүн. Ол иннинэ уу куттан саҕалаабытым. Ньурбаҕа өрүскэ киһи мууһу дьөлү үктээбэт тымныыта түһүөр диэри сөтүөлүүрүм, уу куттарым. Саас муус баран эрдэҕинэ саҕалыырым. Уопсайынан, муустаах тымныы ууну куттубутум, сууммутум отуттан тахса сыл буолла. Дьиҥэр, ахсыс кылаастан хаарынан соттон саҕалаабытым.

— Сыыһа истибэтим, чахчы ахсыс кылаастан дуо?

— Оннук, ахсыс кылааска диэри сылга үстэ-түөртэ улаханнык ангиналыырым, тонзиллиттыырым, кыраадыстанан сытарым. Биирдэ физкултуура учууталыттан эти-хааны тымныынан чэбдигирдии туһунан истэн, сыыйа дьарыктанан барбытым, хаарынан сотторум. Онтон ыла ангина диэни умнубутум. Оччолорго ойбоҥҥо сөтүөлүүллэрин билбэт этим. 1990-с сылларга Порфирий Иванов “Детка” кинигэтин түбэһэн ааҕан баран, сайыҥҥыттан өрүс туруор диэри сөтүөлээн саҕалаабытым, салгыы уу куттар буолбутум.

— 2000 с. ойбоҥҥо сөтүөлүүргүтүгэр төһө элбэх этигитий?

—  Хаһыа даҕаны этибит. Сүрүннээн Александр Дьячковскайдыын сөтүөлүүрбүт. Сэтинньи сэттэтигэр диэри сөтүөлээн баран, салгыы чөл олох тиэмэтигэр эмчит быһыытынан улуустарынан үлэлии барарым. Уонна саас айантан кэлээт, муус устартан сөтүөбүн сөргүтэрим. Халыҥаабыт мууһу алларар туспа үлэ буолара. Билигин күн аайы сөтүөлүүр буолан дьөлү тоҥмот.

— Доруобуйаҕа көмөлөөх, ангиналаабат буолбутум диигин. Билигин хайдаҕый? Букатын тумуулаабаккын дуо?

— Букатын ыалдьыбат киһи диэн суох. Дьон сиэринэн хаһан эмэ, тугум эмэ ыалдьан ылар. Кыраадыстаах да түгэммэр сөтүөбүн тохтоппоппун, онон түргэнник аһардабын.

— Айанныыр кэмҥэр ханна сөтүөлүүгүн? Уонна чопчу ханнык хайысхаҕа үлэлэһэҕин?

— Сөтүөбүттэн да тутулуктанан уонна коронавируһунан сибээстээн кэккэ сылларга айаным тохтоон турар. Сөргүтэр толкуйдаахпын. 21-с үйэ физиотерапиятынан ааттанар динамическай электро-нейро стимуляция (“ДЭНС”) аппараакка үөрэнэн, үгэс буолбут мэдиссиинэҕэ бакалавр буолбутум, диагностикалыыр аппарааттарынан үлэлиибин, арыгы, табах, өс-санаа кулута буолууттан ис күүһү арынан тохтотор үлэлэрдээхпин уонна оҕолорго чөл олох, сөтүө тиэмэтигэр лиэксийэ ааҕабын.

Авиатортан – артыыска  

— Николай Николаевич, бэйэҥ туох идэлээххиний?

— Бастакы идэбинэн авиаторбын, Выборгскайдааҕы авиационнай тиэхиньиичэскэй училищены бүтэрбитим, идэбинэн тиэхиньиктээбитим. Өссө оҕо эрдэхпиттэн артыыс буолуохпун баҕарарым. “Ленфильм” биллэр артыыстара кэлэн устудьуоннары кытта көрсүһүү оҥороллоро. Элбэх биллэр артыыһы көрбүтүм, олортон “Тихий Дон”, “Приключения принца флоризеля”, о.д.а. киинэлэргэ оонньообут Игорь Дмитриев сурукпар хоруйдаан, кэлин көрсөн, дьиэтигэр сылдьан артыыс идэтигэр бэлэмнээбитэ.

Училище кэнниттэн Ньурбатааҕы авиа-этэрээккэ Ми-8 бөртөлүөккэ тиэхиньик-мэхээнньигинэн анаабыттара, салгыы Ми-6 бөртөлүөккэ көһөрбүттэрэ. Сыыйа Ньурбатааҕы драматическай тыйаатырга киирбитим, Арассыыйатааҕы тыйаатыр ускуустубатын институтугар үөрэммитим. Бастакы оруолум Алампа “Олох дьэбэрэтэ” испэктээгэр ойуун. Дьокуускайга көһөн кэлиэхпэр диэри Ньурба тыйаатырыгар артыыһынан, режиссерунан үлэлээбитим.

Ис кыаҕы арыныы

— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?

— Билигин тымныы ууга сөтүөнэн дьарыктанабын уонна өй-санаа сааһыланыытыгар үлэлэһэбин. Улахан күүс киһи ис эйгэтигэр баар. Дьон ол күүһү кыайан тирэх оҥостубат. Ис кыаҕы арынарга үөрэтэбин. Киһи ол күүһү таба туһаннаҕына, туох баар куһаҕан тэйэр. 1990-с сылларга билиини тарҕатар маастар Ошо кинигэлэрин ааҕан, медитацияҕа үөрэнэн саҕалаабытым. Онтон ыла түүллэнэн-биттэнэн барбытым, кыраттан саҕалаан дьон өлөрүгэр тиийэ туох буоларын эрдэттэн билэрим. Билиини тарҕатар маастар, Ошо ис айылгыта уһуктубут, киэҥ үөрэнээччитин (просветленнай) көрсүөхтээхпин диэн сыал-сорук туруорунан, 2002 сыллаахха Москваҕа тиийбитим. Эһиилигэр сэминээригэр сылдьан ойууннар хайдах көтөллөрүн билбитим. Ойуун атаҕын үөһэ көтөҕө-көтөҕө ыстанара тиэхиньикэ эбит, көтүтүү барар, киһи этиттэн арахсар. Ойууннар эмиэ оннук гыналлар эбит диэн кэлин өйдөөбүтүм.

Онтон биир түгэни кэпсээн ааһыахпын сөп. Сэминээр бүтүө икки күн иннинэ сиһим диэкинэн дэлби ыалдьыбыта эрээри, биир да дьарыгы көтүппэккэ барытыгар сылдьыбытым. Арааһа, бүөрүм дуу, радикулитым дуу диэн балыйа сылдьыбытым. Бүтэһик күнүгэр сарсыарда биэскэ бүппүппүт. Утуйаары сытарбар сарсыарда 6 ч. этэ. Дьэ сынньаныахха диэн сытааппын, харахпын симээппин кытта сиһим тоноҕоһуттан мээчик курдук туох эрэ ыгыллан тахсан дьигиһийэн (вибрациялаан) барда. Ол дьигиһийэн кэтэхпин охсор, хас оҕустаҕын аайы хараҕым сабыылаах буолан чаҕылханы көрөбүн, оччоҕо сып-сырдык буолан хаалар, онтон эмиэ хараҥарар, эмиэ хатыланар. Туох эрэ саҕаланна диэн өйдөөтүм, куттамматтым: “Бу өлүү да буоллаҕына ылынабын”, — диэтим. Куттаммакка киирэн хааллым уонна сып-сырдыкка баар буола түстүм. Төһө кэм ааспытын билбэппин, будильник тыаһаабытыгар харахпын арыйбытым 9 чаас буолбут. Санаабар, үс-түөрт сөкүүндэ эрэ ааспыт курдуга. Кэлин өйдөөбүтүм, Айыы Уотугар бириэмэ тохтоон хаалар эбит. Сиһим ыарыыта ханан да суох, хардаҕаһы укпуттуу көммүт, баттаҕым туран хаалбыт курдук санаа баар. Төбөбүн хамсаттахпына туох эрэ атын чаас курдук. Бэйэбин хантан эрэ тас, хамнаабат эйгэттэн көрөр буолбутум. Суунан-тараанан аһыы бардым. Оччолорго эти сиэбэтэхпинэ аһаабатах кэриэтэ сананарым. Онно олорон эти сиир кыаҕым суоҕун билбитим. Эт олус ыарахан, киһини аллара тардар. Инньэ гынан, 2003 сылтан эккэ чугаһаабаппын.

— Эти букатын сиэбэккин дуо?

— Суох. Эт сиэбэтэххинэ тоҥуоҥ эҥин дииллэрин ылыммаппын. Тоҕо диэтэххэ, күннэтэ ойбоҥҥо сөтүөлүү сылдьабын дии. Эти балыгынан солбуйабын. Сүөһү, көтөр этигэр букатын чугаһаабаппын.

Аһаан баран салгыы таһырдьа тахсыбытым от күөҕэ өҥнөөх көбүөргэ бриллиант бөҕө ыһылла сытар. Бу – окко түспүт сиик күн көрөрүгэр бриллианнааҕар ордук араас өҥүнэн оонньуур эбит. Соһуйдум, уолуйдум, айылҕабар сүгүрүйэн махтанным, хараҕым уута бэйэтэ тахсан барда. Оннук сүүрбэччэ мүнүүтэ турдум. Киһи тулалыыр эйгэни кытта силбэһиитин аан маҥнай онно билбитим. Оҕо икки сааһыгар диэри оннук турукка сылдьар. Сыыйа өй бүөлээн кэбиһэн, олохторун тухары тугу эрэ көрдүүллэр. Сыыһа өйдөөн, ол сүтүктэрин ким эрэ харчыга, ким эрэ былааска, о.д.а. көрдүүр. Дьиҥэр, киһи Орто дойдуга кэлбит соруга биир – уһуктуу.

Билигин Куйаар Ньыыкас аатынан сүрүннээн уйулҕа, өй-санаа кыһалҕатыттан тахсыыга үлэлэһэбин, медитациялары, сэминээрдэри ыытабын, арыгы, табах, куһаҕан дьаллык хабалатыттан тахсарга үөрэтэбин.

50 кыраадыс да тымныыттан чаҕыйбакка

— Интэриэһинэй эбит. Билигин төһө элбэх киһи тымныынан дьарыктанарый?

— Бассаапка сахалыы, нууччалыы бөлөхтөрдөөхпүт. Онно көрдөххө, уопсайа, түөрт уонча киһи баар, сөтүөлээччитэ аҕыйах. Сорохтор күһүн муус тоҥорун саҕана тохтууллар, сорохтор улаханнык тоҥордоҕуна тохтууллар, сорохтор ханна эрэ сылдьан куоттаран кэбиһэллэр.

Үнүр, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл иитинэн буолбут сөтүөҕэ уонча буолуохтаах этибит да, ахсыан сөтүөлээбиппит. Таһырдьа 30-35 кыраадыс, уу сылааһа +1-3 кыраадыс этэ.

Сүрүннээн эр дьон сөтүөлүүр. Саамай эдэрдэрбит отуччалаахтар, саастаахтарбыт 70-гар чугаһаабыттар. Пляжка сыгынньахтанар сир тимир, сайыҥҥы. Онон дьахталларга сэрэхтээх буолан, тоһуттар тымныыга ойбоҥҥо киирээччи аҕыйыыр.

Криотуризмы – Саха сиригэр

— Тымныы уунан суунуунан оҕолор дьарыктаныахтарын сөп дуо?

— Ааппыт уларыйбыта, “Саха муорсалара” СӨ кыһыҥҥы харбааһыҥҥа федерацията диэн буолбуппут. Таһыммыт уларыйан, билигин спортсмен курдук сылдьабыт. Соторутааҕыта Диксон куораттыы тииптээх бөһүөлэги ньиэмэс өстөөхтөрүттэн босхолооһун 80 сылыгар анаммыт харбааһыҥҥа эдэр ууһут Игорь Ивановтуун кыттан кэлбиппит. Эстафетанан 5 ч. 30 мүн. устата харбаабыппыт, муора уута -5-6 кыраадыс тымныы этэ. Сотору күрэхтэһии Благовещенскайга буолуохтаах эрээри, айанын төлөбүрэ уустуктардаах.

— Оҕолор дьарыктаналларыгар туох ирдэнэрий?

— Дьиэ-уот наада. Олохтоох дьаһалтаҕа, атын да туһааннаах тэрилтэлэргэ суруйабын даҕаны, билиҥҥитэ өйдүү, ылына иликтэр. Оннооҕор болуок (балок) кыайтарбат. Сылаас сир баара буоллар, киһи оҕолору хайдах баҕарар эрчийиэн сөп этэ. Саатар, муус үрдүгэр иһигэр успуорт саалалаах, сыгынньахтанар хостоох, чэй иһэр сирдээх дьиэ тутан таһаардар элбэх киһи дьарыктанар кыахтаах. Баанньык, сауна оҥордоллор өссө бэрт этэ.

Диксоҥҥа тиийэн баран хаайтаран хаалан, Красноярскайга ыытыллыбыт  күрэхтэһиилэргэ эмиэ кыттыбыппыт. Ол сылдьан көрдөхпүнэ, куоракка бэйэтигэр түөрт кулууп баар. Бары дьиэлээхтэр, спортивнай саалалаахтар, баанньыктаахтар. Оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ кэлэн эрчиллэллэр. Биһиэхэ эмиэ ол курдук наада. Туох да туһата суохха үп бөҕө көрүллэр, саамай туһалаахха – ыччат этин-сиинин дьарыктанарыгар, доруобуйатын тупсарынарыгар, өй-санаа уһуктуутугар, күүһүрүүтүгэр харчы суох аатырар. Ойбоҥҥо киирдэххэ – өй-санаа тохтоон хаалар, итини сөкүүндэнэн медитация диэн ааттыыбын. Киһи тута тымныыга киирдэҕинэ тугу да толкуйдаабат, билигин уонна манна эрэ буолар. Оннукка өй-санаа күүһүрэр, куһаҕан дьаллыкка сыстыбат, ылларбат. Ойбон кэнниттэн киһи этиттэн тымныытын таһаарыахтаах, ол иһин булгуччу дьарыктанар ирдэнэр.

Аны биһиги ойбоммутугар элбэх турист кэлэн сөтүөлээбитэ. Сахалар тымныыбытын таба туһаммаппыт. Саха сиригэр туризмы сайыннарыы биир хайысхата – криотуризм.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускайдааҕы билим киинин балыыһата тымныы кыраадыска үөрэммит эт-сиин туругун, уларыйыытын үөрэтэн испиттэрэ эрээри, тустаах балыыһа сабыллан хаалбыта. Тымныынан эмтэнии ньымата араастаах. Биһиги маны хайдах баҕарар туһанар кыахтаахпыт. Чурапчы “муорсата” А.Д.Дорофеев хаһыс даҕаны химиянан эмтэниитигэр тиийэн баран ойбоҥҥо сөтүөлээн үтүөрбүтэ. Искэни тымныынан эмтиир кыаллар буоллаҕына, ол ньыманы тоҕо туһаммаппыт. Төһөлөөх элбэх киһи эрэйи көрөн өлөрүй.

Онон тымныынан отуттан тахса сыл дьарыктаммыт киһи быһыытынан, тымныы өйү-санааны сааһылыыр, ис кыаҕы арыйар, эмтиир күүстээх диэн бигэтик этэр кыахтаахпын. Нэһилиэнньэ бу көрүҥүнэн дьарыктанарыгар дьиэ-уот эрэ ирдэнэр.

— Николай Николаевич, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…

23 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago