Салгыы
Николай Якутскайы көрсүөхтээх этим

Николай Якутскайы көрсүөхтээх этим

Ааптар:
03.04.2024, 10:36
Бөлөххө киир:

1979 сыл. Өктөөп бырааһынньыга аҕыйах хонугунан буолуохтаах. Онно бэлэмнэнэн күн аайы хаамыы кытаанаҕа.

Бары биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдукпут. Ол быыһыгар, мин соҕотох сахабын. Кытаанах тириинэн оҥоһуллубут киирсэбэй бачыыҥкаҕа сорох курсант уолаттар атахтарын дьукку астаран, туорууллар. Күн аайы боккуоба уларытыыта. Чараас сиринэн тоһоҕо киирэр хайаҕаһынан силлэн түһэн хаалбыт буолааччы. Бырааһынньык күн байыаннай параад уонна киэһэтин салют. Былаахтаах хаамаҕыт, өссө тэлэбиидэнньэ устар диэн бэлэмнэнии кытаанаҕа.
Мин табаарыспынаан аҕыйах күн көҥүллэтэн киниэхэ дьиэтигэр барыахтаахпыт. Параад бүтэн, былаахтары туттараат, тимир суол баксаалыгар ыстанныбыт. Билиэт ылаат да, бараары турар пуойаска ойдубут. Арай, утары сахаҕа майгынныыр уолаттар иһэллэр, бэһиэлэр. «Саха быһыылаах» диэн саҥаны истээт, ааһа түспүт киһи эргиллибитим, дьонум миигин көрөн тураллар. Оччону көрөөт, мин сүүрэн тиийэн уолаттары кууһа түстүм. Нэһиилэ аадырыстарын суруннубут уонна айаннаары турар пуойаска сүүрдүбүт.

Аҕыйах чааһынан Бельцы куоракка пуойаспыт тохтоон ааһар.  Мин бу диэки кэлбиччэ, саха норуодунай суруйааччытын Николай Якутскайы көрүөхпүн баҕарарым. Кини айымньыларын аахпыт буолан, бэйэтин көрсөн, кэпсэтэр кистэл санаалааҕым.

Биһиги айаннаан тиийбит сирбит кыракый дэриэбинэ. Дьиэлэрэ туойдаах буорунан симэн оҥоһуллубут курдуктар этэ. Иһэр ууларын холуодьастан ылаллар. Уолум табаарыстарыгар сырыттыбыт, ыалдьытымсахтара, көрдөрө-нардара, киһини чуҥкуппаттар.

Аҕыйах хонугунан төттөрү айаннаабыппыт. Пуойаспыт, арай, төттөрү барда. Биһиги уопсай вагоҥҥа олоробут. Ыйыталаһан билбиппит төрүт атын ыстаансыйаҕа барыахтаах пуойас эбит. Онно таҥаспытын кыбынаат, тахсар ааҥҥа ыстанныбыт. Өрүү буоларын курдук, тамбурга табаахтыы турар дьонунан көмөлөһүннэрэн, ааны астардыбыт да киһим ыстанан кэбистэ. Аны ааммыт сабыллан хаалар. Ол икки ардыгар пуойаспыт сыыйа түргэтээн иһэр. Аны мин ааны астаран ыстанаары гыммытым, пуойаһым түргэтээн хаалбыт. Тэҥнэһиэм дуо, ыстанным. Бетон муостаҕа тиийэн түстүм да, үргүлдьү хойуоһуннум. Хата, төбөбүн таарыйбатым. Дьоннор сырсан кэллилэр, миигин мөҕөллөр уонна аһыналлар. Пуойас анныгар киирэн биэрбэтэххэр махтал дииллэр, турарбар көмөлөһөллөр. Онно мин саалаҕа эрчиллиигэ сүүстэ оҥорор хойуостуум улахан эчэйииттэн быыһаатаҕа. Арай, хара сукуна бүрүүкэм тобугунан быстан хаалбыт этэ. Онон ити күн аара атын сиргэ хонон, бүрүүкэбит тобугун холбуу тигэн, формабытын ыраастанан, өтүүктэнэн, сарсыныгар биирдэ айаннаабыппыт.

Ити курдук, ытыктыыр суруйааччыбын көрсөн кэпсэтэн, ыалдьыттаан ааһар былааным тохтубута. Ыксаан атын пуойаска олорон кэбиһэммит, онтон сылтаан ол биир саппаас күммүтүн сүтэрэн (дьиҥэр, анаан тохтоон, өрөөн ааһарга эрдэттэн былааннаабыппыт эбээт) уонна үөрэхпитигэр хойутаан быыгабарданымаары, ытык киһини көрсүөхпүн баҕарбыт куораппын түннүгүнэн эрэ бэркэ ымсыырбыттыы көрө-көрөбүн, испэр пуойаска сыыһа олорбуппутуттан абара-абара, үргүлдьү ааспыппыт. Биир түгэн киһи олоҕун хайдах баҕарар уларытыан сөп диэн маны этэр буоллахтара.

Иван Сивцев — Бээди.

Хаартыска ааптар тус альбомуттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: