Салгыы
Нина Никанорова: “Умсугутар, абылыыр дьарыгым”

Нина Никанорова: “Умсугутар, абылыыр дьарыгым”

Ааптар:
16.05.2024, 14:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар киһи иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыктаах буолар. Ким эрэ баайар, ким эрэ уһанар, ким  эрэ уруһуйдуур, иистэнэр. Биһиги ортобутугар кэллиэксийэ араас көрүҥүнэн, уһун сылларга утумнаахтык дьарыктанан олохторун аныыр дьикти идэлээх дьон эмиэ бааллар.

Бүгүн биһиги Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС киноматографиятын туйгуна, “Ытык ыал”, “Бигэ ыал” о.д.а. бэлиэлэр хаһаайкалара, кэллиэксийэньиэр Нина Никанорованы кытта билиһиннэрэбит. Нина Иннокентьевна быйыл 75 сааһын туолла. Ол чэрчитинэн Майатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ “Умсугутар абылыыр дьарыгым” диэн ааттаах кини  үгүс сылларга муспут кэллиэксийэтин быыстапката турбута.

Бу күннэргэ улууспутугар кэллиэксийэньиэрдэр үгүс тэрээһиннэрэ утуу-субуу ыытылыннылар. Онон: “Бу сырыыга туох эрэ кэллиэксийэтин көрөрбүт буолла”, ‒ диэн интэриэһиргээн тиийбиппит. Арай, сааланы биир гына толбоннурар уһун суһуохтаах кыргыттар кэрэ мэтириэттэринэн «Кыыс киэргэлэ ‒ уһун суһуох” диэн арт-галерея ыйаммыт эбит. Бииртэн биир уһун суһуохтаах  кэрэ куолар хаартыскалара итиэннэ кинилэри хомуйан оҥорбут ааптар мэтириэтэ ыйаммыт. Нина Иннокентьевна саха кыыһын уһун суһуох хайдах курдук тупсарарын, киэргэтэрин өйдөөн көрөн, Мэҥэ Хаҥалас уһун суһуохтаахтарын  бэйэлэрин илэ көрсөн, хаартыскаҕа түһэрэн, хас биирдиилэриттэн ахтыы ылан, альбом таһаараары кичэллээхтик  харайа сылдьар эбит. Сахаларга былыр-былыргыттан уһун суһуох кыыс киэргэлэ буолан кэллэҕэ. Ону кэлэр көлүөнэлэргэ көрдөрөр санаалаах хомуйбутун кэпсиир.

Үчүгэй кэллиэксийэ төрөөбүт дойду устуоруйатын, географиятын кэпсиир бэртээхэй энциклопедиянан буолар. Нина Иннокентьевна кэллиэксийэтэ олус киэҥ. Кини туох да сыала-соруга суох, мээнэ хомуйуунан эрэ үлүһүйбэт. Көрдүүр, булар сатабыла үтүөкэн дьоммутун үйэтитиигэ олук буолбут. Ол туһунан маннык кэпсиир:

‒ Кыраай үөрэтэр түмэлгэ 2000 сыллаахха үлэлии киирэрбэр аата-суола суох сэрии бэтэрээннэрин элбэх хаартыскалара баара,  оччолорго пуондабыт дьоҕус этэ. 3000-4000 эспэнээттээх пуонданы туттарбыттара. Үлэлээн бүтэр сылбар пуондабыт 16000-ҕа  тиийэ хаҥаабыта. Аата-суола суох сэрии бэтэрээннэрин хаартыскаларын эккирэтиһэн туран кимнээх буолалларын булан, ааттарын-суолларын, дойдуларын, төрөөбүт сылларын суруйбутум. Онтум кэнники бэйэбэр кинигэ таһаарарбар сүҥкэн көмө буолбута. Бастаан альбом түмэл иһинэн тахсыбыта. Онтон сэрии бэтэрээннэрин түөрт сопхуостарга, отделениеларга аттаран, “Үйэлэргэ өйдөбүнньүк” диэн кинигэ буолан үйэтитиллэн бэлэмнэниллибитэ. Арай М.Горькай аатынан сопхуос дьоно сырдатылла иликтэр.

Нина Никанорова оҕо сааһа олус кырыымчык, сэрии кэннинээҕи кэмҥэ ааспыт. Ол да иһин барытын харыстыы, уура сылдьарга үөрэммит. Аҕата бостуук, ийэтэ бороон көрөөччү. Онон дьөһөгөй оҕолоругар ураты сыһыаннаах, кинилэри өрүү көрө сылдьаары ат оҥоһуктары мунньубут. Ол аттарын саха  уонна нуучча аттара диэн араартаабыт. Онон бэйэтэ этэринэн, “икки үөр сылгылаах”. Ол дьарыга олус умсугутуулаах буолан, бэл,  Кытайга кытта тиийэн баран бэйэтигэр тугу да ылыммакка, харчытыгар ракушкаттан таҥыллан оҥоһуллубут бэрт сыаналаах ат оҥоһугу ылан  төннүбүт. Кэллиэксийэтигэр  сытыары-сымнаҕас көстүүлээх аттары сөбүлээн хомуйар эбит.

Урукку кэмҥэ ыччаттарга значоктары, мааркалары хомуйуу муода буолар эбит. Атастаһыы, бэйэ икки ардыгар мэнэйдэһии үгүс буолааччы диэн Нина Иннокентьевна кэпсиир. Бастаан мээнэ мунньан баран, кэнники Мэҥэ Хаҥалас, Саха сирэ диэн арааран буолбут. Ахсыс кылаас кэнниттэн 7 №-дээх ОПТУ-ҕа киинэ мэхээнньиктэрин училищеларыгар үөрэнэн 1966 сыллаахха бүтэрбит. Ити кэмтэн ылата 33 сыл киинэ эйгэтигэр киинэ мэхээнньигинэн, мэтэдииһинэн,  дириэктэринэн, кэлин  видео кассеталар үөдүйбүттэригэр видеоны таһааччы үлэтигэр үлэлээбит.

Биэнсийэҕэ тахсан баран Майатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ өссө 22 сыл үлэлээбитэ. Онон үлэтин ыстааһа ‒ 55 сыл. Ол үлэлиир кэмигэр үчүгэй үлэһит буолан  1978 сыллаахха култуура үлэһиттэрин V уонна 1991 сыллаахха АСКИН  киинэ үлэһиттэрин сийиэстэригэр дэлэгээтинэн талыллыбыта. 1987 сылтан чааһынай хаһаайыстыбаҕа кэтэх сүөһү көрөр, сайын от-мас кыһалҕата, кэлин маһы гаас солбуйан абыранан, үлэтигэр кэргэнинэ, оҕолора, кэлин сиэннэрэ улаатан бары көмөлүүллэр.  Киинэ ситимигэр үлэлээбит сылларыттан түөскэ кэтиллэр боруостары мунньан саҕалаабыт. Араас мунньахтарга, командировкаҕа дьон ортотугар сылдьар буолан, боруос иилинэн добуоччу киэргэммит курдук сананар этибит диэн кэпсиир. Билигин дьахтар киэргэлигэр боруос балачча элбэхтик туттуллар. Оҥоһуктартан урукку кэмтэн олох хайдах сайдан кэлбитин онон да киһи көрүөн курдук.

1971 сыллаахха олоҕун аргыһын Семен Григорьевич Никаноровы кытта ыал буолан үс оҕону күн сирин көрдөрбүттэр. “Ытык ыал” бэлиэ хаһаайыннара. Нина Иннокентьевна 75 сааһын  чугас дьонун кытта бэлиэтээбит. Үбүлүөйбэр өр сыл бииргэ алтыспыт, мэлдьи билсибит аҕыс «Ытык ыал” кэлэн эҕэрдэлээн барбыттар. 90 саастаах Тамара Константиновна Скрябина, Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн 60 сыл ыстаастаах «Ытык ыал» ийэтэ Пахомова (Прокопьева) Анфиса Иннокентьевна, Хаҥалас Кыһыл Үрүйэтиттэн Мария Григорьевна Прокопьева, Мария Петровна, Анатолий Егорович Тихоновтар, Үөһээ Бүлүүттэн Татьяна Давыдовна Сивцева, Майаттан Мария Иннокентьевна, Анатолий Иванович Тумусовтар, Мария Дмитриевна Лукина  үчүгэйдик санаан, ытыктаан, суолу-ииһи, кырдьыыны аахсыбакка кэлэ сырыттылар диэн астынар. Былыргылыы байаанынан, эдэр сааһы ахтан-санаан, оонньуу оонньоон бэрт сэргэх тэрээһин ааспыт.

‒ Сүөһү-ас көрөр сааһырдах ахсын, биллэн турар, ыараан, уустугуран иһэр. Онон дьон саастаах өттүлэрэ сүөһүлэрин эһэргэ күһэллэр. Биһиги, үөлээннээх дьон түмсэ түстэхпитинэ, ким оҕото сүөһү көрсөрүн, сыһыаннааҕын ырытабыт, хайгыыбыт уонна аныгы оҕолор төрүт дьарыкка  наадыйбат буоллулар диэн хомойобут, ‒ диир  Нина Иннокентьевна.  Кинилэр бэйэлэрэ кэтэх хаһаайыстыба тутан олорбуттара ыраатта. ‒ Мин түөлбэ салайааччыта буоларбынан, дьон туох санаалааҕын мэлдьи истэбин уонна сороҕор улахан мунньахтарга бэйэм уонна кинилэр этиилэрин тиэрдэ сатыыбын. Сүөһү, сылгы, таба иитиитин курдук төрүт дьарыкпытын тэнитээччилэри, ордук ыччаттары бары өртүнэн, ол иһигэр сокуонунан өйүүр буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Ити курдук, үтүөкэн дьарыктаах, Мэҥэ Хаҥалас улууһар кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрин төрүттэспит, 2012 сыллаахха “Абылаҥ” түмсүү 20 сылыгар анаан суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Неустроевы кытта кинигэ таһаартарбыт култуура эйгэтин бэтэрээнигэр Нина Иннокентьевнаҕа инникитин да уопсастыбаннай үлэттэн туора турбакка, сөбүлүүр дьарыгын салгыы сайыннаран, хаҥатан иһэригэр баҕарабыт.

Елизавета Неустроева

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: