Нижнеленинскэй-Тунцзян муоста Уһук Илини сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуон сөп

Нижнеленинскэй-Тунцзян муоста Уһук Илини сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуон сөп

19.10.2022, 10:33
Бөлөххө киир:

Юрий Трутнев Еврейскэй автономнай уобаласка “Нижнеленинскэй” уонна “Шалом” индустриальнай пааркалары тэрийии бырайыагын олоххо киллэриигэ ыыппыт мунньаҕар ханнык соруктары туруорда? Манна ааҕыҥ:

Биробиджаҥҥа Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-Бэрэсидьиэн Уһук Илин ФУо  боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ бу пааркалары тэрийиигэ сүбэ мунньаҕы ыытта.

2022 сыл муус устар ыйыгар Нижнеленинскэй-Тунцзян кыраныысса таһынааҕы тимир  суол муостата үлэҕэ киирбитэ. Муоста Еврейскэй автономнай уобалас экэниэмикэтин сайдыытыгар саҥа усулуобуйалары тэрийэр, таһаҕаһы тиэйии тупсар: бүгүн муоста аһарар кыамтата – 5 мөл. т (сылга таһаҕас), 2030 сылга диэри 20 мөл. т диэри улаатыахтаах. Муоста таһынааҕы сири-уоту сайыннарар сорук турар. Еврейскэй автономнай уобаласка олоххо киирэр өссө биир бырайыак – “Шалом” бырамыысыланнай паарканы тэрийии. Манна медико-биологическай аналлаах бородууксуйаны оҥорууга кластер торумнанар, — диэтэ Юрий Трутнев мунньаҕы арыйарыгар.

ЕАУо “Нижнеленинскэй” индустриальнай паарканы тэрийиигэ бырайыагы олоххо киллэрэллэр. Муоста таһынааҕы сиргэ-уокка 2 тыһ. гектар кэриҥэ кэскиллээх сир учаастактара бааллар, итинтэн 810 га инвестордарга арендаҕа бэрилиннэ. Саҥа паарка резиденнэринэн Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар табаары тиэйиини хааччыйыыга үс инвестор баар. Мунньахха логистика киинин тутуу бырайыактарын көрдүлэр. Нижнеленинскэй – Тунцзян кыраныыссаны туорааһыҥҥа убатыллыбыт углеводород гааһын уонна пентан-гексановой фракцияны экспорка таһаарыыны тэрийиигэ сүөкүүр комплексы тэрийиини, оптовай-логистическай киини тутууну дьүүллэстилэр. Бырайыактарга инвестиция уопсай кээмэйэ 16,5 млрд солк. тэҥнэһэр.

Уобалас күрэстэһэр сүрүн кыаҕа – Кытай хотугулуу-илин өттүгэр баар логистическай уонна бырамыысыланнас кииннэригэр чугас буолуута. Онон эрэгийиэн баһылыга  Ростислав Гольдштейн судаарыстыбаннай кыраныыссаны нөҥүө түөрт пууну туһанарга этии киллэрдэ, ол иһигэр биир тимир суол киэнин, Нижнеленинскэй – Тунцзян, пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйэр тырааныспар сириэстибэлэрин сырыыларын.

Мунньахха Нижнеленинскэй – Тунцзян муоста таһынааҕы сиргэ-уокка «Амур-Хинган» ТОР-у кэҥэтиини көрдүлэр.

“ЕАУо сиригэр саҥа инвестиционнай бырайыактар үлэлээн эрэллэр, сорохторо логистиканы кытта сибээстээхтэр. Манна киининэн Нижнеленинскэй – Тунцзян муоста буолар. Биһиэхэ Арассыыйа сиригэр-уотугар саҥа тэрилтэлэр аһыллаллара уонна бородууксуйа оҥоһуллара суолталаах”, — диэтэ Юрий Трутнев.

“Шалом” индустриальнай пааркаҕа тэрилтэлэри олохтооһун былаанын көрдүлэр, ол иһигэр медико-биологическай аналлаах бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга, эми-тому уонна препараттары киллэрэн туран. Ону сэргэ пааркаҕа киллэриллэр эми-тому хонтуруоллуур лабораторияны тэрийиэхтэрэ, ол иһигэр үүнээйилэр уонна хамсыыр харамай генетикэтигэр уонна селекциятыгар.

Юрий Трутнев бэлиэтииринэн, ЕАУо индустриальнай пааркалары тэрийии эрэгийиэни саҥа бырамыысыланнас предприятиеларынан уонна үлэ миэстэлэринэн хааччыйыаҕа, инвестордары тардыаҕа.

Мунньахха индустриальнай пааркалары уотунан хааччыйыы уонна федеральнай бүддьүөт суотугар инфраструктураны тутууга субсидияны ылыы боппуруоһа көрүлүннэ.Ол туһугар “Амур-Хинган” ТОР Бырабыыталыстыба 2017 с. от ыйын 24 күнүнээҕи 872 №-дээх уурааҕар ыйыллыбыт кэрискэҕэ киллэрэргэ этилиннэ. Юрий Трутнев этиилэри бу боппуруоска бэлэмнээн, Арассыыйа Илиҥҥи сайдыыга министиэристибэтигэр киллэрэргэ соруйда.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Хаартыска https://riabir.ru/320417/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: