НОЦ «Север» дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыаҕа

Share

НОЦ «Север» сүрүн соруга — 2025-2030 сылларга дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолуоҕа. Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев балаҕан ыйын 22 күнүгэр эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр киин кэтээн көрөр  «Север: территория устойчивого развития»  сэбиэтин сугулаанын ыытта.

Кэтээн көрөр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Айсен Николаев бэлиэтииринэн, бу киини үлэ хайысхатыгар уларыйыылар күүтэллэр. Кини этэринэн, НОЦ бырагыраама сүрүн сыалынан 2021-2024 сылларга РФ биисинэһин уонна субъектарын салайааччыларын научнай бэбиэскэҕэ тардыы этэ.  2025-2030 сыллар саҕахтарыгар  НОЦ «Север»сүрүн сыаллаах-соруктаах үлэтинэн наука бородуукталарын оҥоруу уонна дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолуоҕа.

«Саарбаҕа суох бырайыактыыр хамаандалар үлэлэрин сыаналаан, өйөөн туран, биһиги научнай-техническэй сайдыы актуальнай наадатын көрдөрөр хаачыстыбалаах түмүккэ болҕомто ууруохтаахпыт. Эһиил биһиги 2025-2030 сылларга бырагыраманы икки блокка уларытыахпыт. Ол курдук салаанан уонна эрэгийиэннээҕи диэҥҥэ», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Салаанан блокка национальнай  масштабтаах уонна уопсай НОЦ тиэмэтин хабар бырайыактар киириэхтэрэ. Бу бырайыактар саҥа технологиялары киллэрии суотугар үрдүк таһымҥа тахсарга көмөлөһүөхтэрэ.  Эрэгийиэннээҕи блокка эрэгийиэннэр киэҥ сайдыыларыгар туһуланар бырайыактар киириэхтэрэ.

«Кэллиэгэлэрим, барыгытын көхтөөх кыттыыны бу үлэҕэ ыларгытыгар ыҥырабын. Бары бииргэ хаачыстыбалаах түмүктэри ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Саҥа наука бородуукталарын оҥорон дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыахпыт», – диэтэ Айсен Сергеевич.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, НОЦ «Север» аан дойду таһымыгар иккис бөлөххө киирбит. Онон киин 121 мөлүйүөннээх граҥҥа тиксибит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

12 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

14 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

43 минуты ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago