ФНС баһылыга Даниил Егоров Владимир Путиҥҥа нолуогу хомуйуу улааппытын туһунан эттэ. Төһө улааппытый?
Арассыыйаҕа нолуогу хомуйуу ааспыт сыл көрдөрүүлэрин кытта тэҥнээтэххэ, уон ый устата 18 бырыһыан улаатта. Бу туһунан Федеральнай нолуок сулууспатын баһылыга Даниил Егоров РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүүтүгэр эттэ. Кинилэр быстах хомуурга кыттар урбаанньыттары өйөөһүн тула эмиэ кэпсэттилэр.
Бу кэм устата 27,4 триллион солк. киллэрдибит, диэн ФНС баһылыга иһитиннэрдэ. “Бу былырыыҥҥытааҕар 18 бырыһыанынан үрдүк”, — диэн быһаарда кини. Маныаха эрэгийиэн бүддьүөтүгэр киллэрии 15 бырыһыанынан элбээтэ. “Оттон федеральнай бүддьүөт туһунан этэр буоллахха, бу өссө 20 бырыһыан эбии”, — диэтэ Егоров. Кини бу көрдөрүүнү куһаҕана суоҕунан бэлиэтээтэ.
“Биһиги бу тэтими ыһыктыахпыт суоҕа уонна 30 триллион солкуобайы куоһарыахпыт – түмүллүбүт бүддьүөппүт биһиэхэ 33 триллион солкуобай буолуоҕа”, — диэтэ биэдэмистибэ баһылыга, нолуок киириитин кээмэйин туһунан.
Сулууспа быстах хомуурга хабыллыбыттары өйүүрүн ФНС салайааччыта бэлиэтээтэ. “Биһиэхэ отчуоту туттарыыга уһатыы быһалыы (автоматически), хомууртан кэллэҕинэ тоҕус ый устата уһатан төлөөһүн көрүлүннэ”, — диэтэ Егоров. – Биһиги бары бэрэбиэркэлэри тохтоттубут. Ирдээн ылыы араас көрүҥнэрин тохтоттубут”.
Дойду баһылыга быстах хомуурга ыҥырыллыбыт урбаанньыттарга дэбиэринэһинэн биисинэстэрин салайыыга биэриигэ биэс хонук сөп буоларын дуу, суоҕун туоһуласта. Егоров үксүгэр бачча болдьох сөбүн эттэ. Ону тэҥэ маны тэйиччиттэн оҥотторуохтарын сөп: быйылгыттан ФНС регистрациялыыр онлайн-сервиһи үлэлэппит. “Биһиэхэ чахчылар кэллилэр даҕаны биһиги ыйыллыбыт киһиэхэ учуоту ыытабыт”, — диэн чопчулаата кини.
Сыл бүтүүтэ дойду түмүллүбүт бүддьүөтүгэр киллэрии 33 триллион буолара сабаҕаланар. ФНС салайааччыта Бэрэсидьиэҥҥэ НДС толуйар үлэ (кыбаарталга биисинэс триллионтан тахса солкуобайы толуйар туһунан эттэ) уонна хампаанньаларга быйылгы нолуоктарын төлөөһүҥҥэ уһатыыны биэрэр туһунан иһитиннэрдэ.
Сэтинньи 21 күнүгэр Владимир Путин нолуок үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээбитэ.
Татьяна Замахина, “Российская газета” хаһыат
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…