Салгыы
Нолуогу төлүүр болдьох чугаһаата

Нолуогу төлүүр болдьох чугаһаата

06.11.2022, 10:43
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 1 күнүгэр бас билэр баай-дуол нолуогун (имущественный налог) төлөнөр болдьоҕо бүтэр.

Дьиэни-уоту, сир учаастагын, тырааныспары бас билэр дьоҥҥо нолуок туһунан иһитиннэриилэри буостанан номнуо ыыппыттара. Ону тэҥэ, www.nalog.gov.ru саайтка Тус кэбиниэттэригэр уонна «Налоги ФЛ» мобильнай сыһыарыыга иһитиннэрии тиийбит буолуохтаах.

Бу нолуок сулууспатын саайтыгар Тус кэбиниэккэ  “Госуслуги” порталга учуот суругунан, эбэтэр, нолуок уорганыгар баран, пароль ылбыт буоллаххына, киирэр кыахтааххын.

Оттон “Госуслуги” порталга нолуок иһитиннэриитэ билиҥҥитэ тиийбэт. Ахсынньы 1 күнүн кэнниттэн, төлөммөтөх буоллаҕына, иэс үөскээтэҕинэ, суумата көстөр буолар.

Нолуогу хайдах табыгастааҕынан: бааннар, терминаллар нөҥүө төлүөххэ сөп. Ону тэҥэ, ФНС саайтыгар «Уплата налогов и пошлин», эбэтэр, «Личный кабинет налогоплательщика физических лиц» диэни баттаан, быһаччы онно төлүөххэ сөп. «Налоги ФЛ» мобильнай сыһыарыыны ФНС саайтыттан www.nalog.gov.ru хачайдаан ыллахха, Тус кэбиниэт онно баар буолар, төлүүргэ судургутуйар.

Оттон төлөөбөтөх дьоҥҥо ахсынньы 2 күнүттэн пени ааҕыллан барар. Пени кээмэйэ – күн аайы Киин баан 1/300 ыстаапкатын кээмэйин саҕа ааҕылла турар. Улахан иэстээх дьоҥҥо бу бас билэр баайдарын туһанар бырааптарын хааччахтааһын, кыраныысса таһыгар тахсалларын хааччахтааһын уонна суут нөҥүө ирдээһин буолар. Онон иэһи мунньубат, кэмигэр төлүүр ордук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: