Салгыы
Нолуок тутуллар дуо?

Нолуок тутуллар дуо?

02.10.2022, 16:15
Бөлөххө киир:

     – 2018 с. тутуллубут дьиэҕэ баар кыбартыырабын атыылаатахпына, нолуок тутуллар дуо?

                                                                                                                                                                                             А.Осипова

     Ыйытыыга Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салалтатын судаарыстыбаннай өҥөлөргө отделын сүрүн иниспиэктэрэ Елена Слепцова маннык хоруйу ыытта:

– РФ нолуок төлүүр гражданнарга дьиэни-уоту атыылааһын дохуотуттан  босхолооһун НДФЛ-тан тутулуктаах, ол иһигэр, бу дьиэ-уот хаһан атыылаһыллыбытыттан уонна төһө өр сыл бу хамсаа­бат баай-дуол эһиги бас билиигитигэр баарыттан. Өскөтүн баайы-дуолу бас билии болдьоҕо 3 сылтан орпут буоллаҕына (2013 с. сэтинньи 7 күнүнээҕи “Саха Өрөспүүбүлүкэтин нолуокка политикатын туһунан”  1231-З N 17-V (2022с. 28.04. эрэд.), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун 1.1 ыстатыйатын 3 пуунунан НДФЛ түһэриллибэт уонна хамсаабат баай-дуол эбийиэгин атыылааһынтан дохуот декларацияламмат. Онон бу ыйыллыбыт кыбартыыра Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нолуогу төлөөччү  бас билиитигэр 3 сылтан ордук кэм сылдьыбыт буоллаҕына, кыбартыыраны атыылааһынтан ылыллыбыт дохуот нолуоктаммат.

Хаартыска: ru.depositphotos.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: